Норуот муудараhа оҕону ахсааңңа уhуйууга
Крылова Ульяна Павловна,
учитель начальных классов,
МОБУ “СОШ №12”,
Республика Саха (Якутия), г. Якутск, с. Пригородное
Саха норуотун литературата, фольклора, тылынан уус—уран айымньылара, олус баай ис хоhоонноохтор, аныгы кэмнэ оҕону ахсааңңа уhуйууга ураты суолталаахтар. Бу хайысхаҕа араас ааптардар үлэлэрэ элбэхтэр, олортон чорботон бэлиэтиэҕи баҕарыллар Ахсаана Сонтуой сонун чинчийиилэрин, бэлиэтээhиннэрин, кинигэлэрин. Кини этэринэн, сахалыы тылынан остуоруйалар, лоскуй хоhооннор ордук алын кылаас оҕолоругар уруокка уонна эбии дьарыктанааhыңңа туттарга табыгастаахтар даҕаны, таhаарымтыалаахтар даҕаны.
Маннык методиканы туhанан биhиги кылаас оҕолоругар ахсаан – хоһоон, остуоруйа, кэпсээн суруттаран, ахсаан уруоктарын саха литературатын кытары дьүѳрэлээн үѳрэтэрбит кѳдьүүстээх. Тѳрѳппүттэрбит оҕолорун кытары эбии дьарыктаналлара, мэлдьитин субэлэhэллэрэ, бэйэ-бэйэбитин кытары сибээстэhэллэрэ олус диэн учугэй.
21 уйэ5э Правительство бол5омтотун ордук үѳрэҕирии эйгэтигэр туhулаата, араас уларыта тутуулар тахсан эрэллэр, ол иhигэр үѳрэх систиэмэтин социокультурнай саңардыы. Бу чэрчитинэн ыытыллар тэриллиилэр нэhилиэнньэ биhирэбилин ылыахтарын ылаллар.
Ахсаан уруогар олохпут устатын тухары ѳбүгэлэрбит саҕаттан ахсаанныын алтыһабыт, ахсаан дьайыыларын ааҕынан олохпутун оңостобут. Былыр биһиги эбээлэрбит, эһээлэрбит оҕолорун 5-8 саастарыттан ахсааңңа үѳрэтиини саҕалыыллар. Оонньуулларыгар туос, мас ынахтарын – сылгыларын ахсаанын ааҕа этэллэрэ. Холобура, хас дьиэ кыыллаахтарын, дьиэ кэргэн ахсаанын биллэттэрэллэр. Уол оҕону 8-10 саастарыгар тѳһѳ моҕотойу, күтэри, кутуйаҕы бултаабытын ыйыталаһаллар. Кыыс оҕону хас ньирэйи мэччирэңңэ таһаарбытын, балтын, сурдьун хаста аһаппытын туоһулаһаллар. 10-14 саастарыгар уол оҕо оттук маһы киллэрэригэр тѳһѳ хардаҕаһы кѳтѳҕѳрүн, уокка хас хардаҕас маһы ууруохтааҕын, бурдук тардарыгар хас ытыс бурдугу тардарын аахтараллар. Кыыс оҕо тѳһѳ кэмңэ ынаҕы ыахтааҕын, балтын, сурдьун кѳрүѳхтээҕин, онтон уол тѳһѳҕѳ оттуу барарын, тѳһѳ оту охсуохтааҕын уо.д.а. ааҕа билэрэ. Оҕолор бу 10-14 саастарыгар ахсааны толору билэн эбэри, кѳҕүрэтэри, тѳгүлү уонна үллэриини ааҕаллар, суоттууллар эбит.
Киэһэ, халлаан бороңуйуута, кыыдааннах тымныы кыһыннарга, дьиэ кэргэн бары кѳмүлүѳк тула мунньустан олорон таабырыннаһаллар, остуоруйаһаллар, сытыы тылга, булугас ѳйгѳ күрэхтэһэн да ылаллара. Дьэ ити курдук былыр былыргыттан саха норуота ахсаанныын алтыһан олорор.
Билиңңи сайдыылаах кэмңэ, олох сайдан иһэрин тухары оҕолорго анаан араас ойуулаах ахсаан кинигэлэр, толкуйдатар оонньуулар бааллар. Онон билиңңи тѳрѳппүттэр оҕо ахсааны үерэтиитигэр араас элбэх туттар матырыйаал кѳмѳтүнэн оҕолорун сайыннарыахтарын сѳп.
Учуутал о5о тылын- ѳһүн, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарарыгар араас ньыманы ахсаан уруогар туттар. Ол курдук кѳлүѳнэттэн кѳлүѳнэҕэ бэриллэн иһэр натуральнай чыыһылалары билиигэ, кинилэр дьайыыларын сатаан суоттуурга учуутал улэлиир. Оннук кѳрүңнэринэн буолаллар ахсаан-хоһооннор, остуоруйа задачалар, чабырҕахтар, ѳс хоһооннор уо.д.а.
Алын кылаас оҕолоругар ахсаан – хоhооннору уонна остуоруйа задачалары математика уруогар туттуу
Мындыр хоһооннору, задачалары оҕолор наһаа сѳбүлүүллэр уонна кѳтѳҕүллэн, үѳрүүнэн үлэлииллэр. Маннык эрчиллиилэри уруокка оҕо үлэлиир тэтимэ бытаарыытын саҕана, кѳрѳн киллэрдэххэ оҕо сэргэхсийэр, үлэлиир таһыма үрдүүр, түргэтиир. Бу эрчилллилэри оҕолор тѳрѳппүттэрин кытта бииргэ үлэлээн айан оңорбуттара. Атын учууталларга кѳмѳ буолуо диэн хомуйан оңордубут.
Биһиги ахсаан-хоһооннору, остуоруйа задачалары уруокпут биир этабыгар киллэрэбит.
Ахсаан-хоһооннор, остуоруйа задачалар – оҕону ахсааны бэрээдэгинэн ааҕарга, ѳйү сайыннарыыга, булугас буолууга үѳрэтэр, уруок интэриэһин кѳҕүтэр.
Ахсаан-хоһоону биһиги маннык темаларынан биэрэбит:
- Кыыллар
- От-мас
- Сир – аһа
- Сахалар иһиттэрэ-хомуостара
- Уруу-аймах
- Сахалар таңастара-саптара
- Күѳллэр, ѳрүстэр
- Дэриэбинэлэр, улуустар
- Үѳрэх тээбириннэрэ уо.д.а
Холобура, кыыллар, оттор-мастар, отоннор айылҕаны кытта сибээстииллэр, айылҕаны харыстыырга, саха сирин кыылларын, оттор-мастар ааттарын билэргэ үѳрэтэр. Манна оҕо элбэх информация ылар: кинигэни кытта үлэ саҕаланар, тѳрѳппүттэрин кытта алтыһар.
„Ахсааҥҥа холонуу“ – хомуурунньук
Маша хоһоонноро Хоhоон- ахсаан
« Тэллэйдэр»
Маша кыыс ойуурга
Тэллэйдии тахсыбыт.
Биирдэ үктэммит – биир тэллэйи булбут,
Иккитэ үктэммит – икки тэллэй буолбут,
Үстэ үктэммит – үс тэллэй буолбут,
Түөртэ үктэммит – түөрт тэллэй буолбут,
Биэстэ үктэммит – биэс тэллэй буолбут,
Алтата үктэммит – алта тэллэй буолбут,
Сэттэтэ үктэммит – сэттэ тэллэй буолбут,
Аҕыста үктэммит – аҕыс тэллэй буолбут,
Тоҕуста үктэммит – тоҕус тэллэй буолбут,
Уонна үктэммит – онус тэллэйин булбут,
Иhитэ туолан, дьиэтигэр сүүрбүт
«Өңнөөх харандаастар»
Ваня уол хоруопкаттан,
Өңнөөх харандааhын хостообут
Ааҕан киирэн барбыт:
Бороң харандаас – биир,
Саhархай харандаас – икки,
Кыhыл харандаас – үс,
Маңан харандаас – түөрт,
Халлаан күөх харандаас – биэс,
Хара харандаас – алта,
Сиэрэй харандаас – сэттэ,
Араҕас харандаас – а5ыс,
Тэтэркэй харандаас – то5ус,
От күөх харандаас – уон.
Карина хоһоонноро
Дьоммун кытары ойуурга
Отонноһо таҕыстым.
1-отон, 2-с отон, 4-с, 5-с, 6-с, 7-с, 8-с, 9-с, 10-с,
Маннык түргэн буоллаҕына,
Оңоойугум туолуоһук
Остуоруйа задачалар биһиги маннык темаларынан биэрэбит:
- Саха остуоруйалара
- Айар улэ (оҕолор бэйэлэрэ айбыт задачалара)
Остуоруйалар ис хоһооннорун ааҕан, сүрүн геройдарыгар задача толкуйдатан оҕо саңарар саңатын сайыннарабыт, тылын саппааһын байытабыт, булугас ѳйдеех буоларга үѳрэтэбит.
Холобура, биир остуоруйаны ылан кѳрүѳҕүң «Биэс ынахтаах бэйбэрикээн эмээхсин».
Задача
Бэйбэрикээн эмээхсин биэс ынахтаах эбитэ уһу. Биир сарсыарда турбута икки ынаҕа мэччирэңңэ баран хаалбыттар. Далга хас ынах хаалбытый?
Бэйбэрикээн эмээхсин сарсыарда турбута үс ынаҕа далга хааллан тураллар, онтон иккитэ мэччирэңтэн иһэллэр. Бэйбэрикээн эмээхсин барыта хас ынахтааҕый?
Карина задачалара
„Биэс ынахтаах бэйбэрикээн эмээхсин“
(Саха норуотун остуоруйата)
Логическай задача.
Бэйбэрикээн эмээхсин 5 ынахтаах, ынахтара биирдии ньирэйдээхтэр. Бэйбэрикээн эмээхсин хас ынахтааҕый?
Эппиэтэ: 5, тоҕо диэтэххэ Бэйбэрикээн эмээхсин ынахтарын эрэ ахсаанын ыйыттылар. Ньирэйдэрэ хаьый диэн суох.
Маша задачалара
« Куоска уонна тииң».
Биир куоска тииңи кытта доҕордоспуттар. Сайыны быhа бииргэ олорбуттар.
Күhүн тиийэн кэлбит, тымныы буолбут. Куоскаҕа тииң эппит.:
– Доҕоччуок, тымныы буолла. Кыhыңңы аhылыкпытын булунуохха наада.
Куоска сөбулэспит. Куоскалаах тииң аhылыктарын көрдүү сүүрбүттэр. Тииң 20 эриэхэни
хомуйбут, онтон куоска 6-нан аҕыйаҕы. Тииңнээх куоска барыта хас эриэхэ хомуйбуттарый?
Суот:
- 20 – 6 = 14(э)- куоска хомуйбут
- 20 + 14= 34 (э)- барыта
Эппиэтэ: барыта 34 эриэхэ
«Таал-Таал эмээхсин»
Таал-Таал эмээхсин олорбута эбитэ үhү. Биирдэ уу баhа киирбит. Кини икки ыаҕаска уу баспыт. Бастакы ыаҕаска 5 л. ууну, иккискэ 2 л.-нэн элбэх ууну баспыт. Таал – Таал эмээхсин барыта хас лиитирэ ууну баспытый?
Суот:
- 5 +2=7(л)- иккис ыаҕайа
- 5 + 7=12(л) –барыта
Эппиэтэ: барыта 12 лиитирэ ууну баспыт
Математика Терешкиннар дьиэ кэргэңңэ
Биһиги дьиэ кэргэңң түѳрт бииргэ тѳрѳѳбүттэрбит: икки уол, икки кыыс.
Аҕабыт, Анатолий Ефркмович, үлэтэ ахсааны кытары ыкса сибээстээх, кини- милиисийэҕэ кылаабынай бухгалтер.
Ийэбит, евдокия Егоровна, омук тылын учуутала эрээри, Үѳһээ – Бүлүүтээҕи республиканскай гимназия физико-математическай кылааһын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ.
Убайбынаан Гришалыын оскуолаҕа саамай таптыыр уруоктарбыт физкультура уонна математика. Тѳрѳппүттэрбит этэллэринэн, эр киһи эт-хаан ѳттүнэн күүстээх, ѳй- санаа ѳттүнэн сайдыылаах буолуохтаах.
Дьиэ кэргэңңэ, математика тас ѳттүттэн, тѳрѳѳбүт тылга одрук болҕомто ууруллар, тоҕо диэтэххэ, тѳрѳѳбүт тыо сүмэтин туох даҕаны солбуйбат.
Терешкиннар дьиэ кэргэн хаьыаттара.
Саха норуотун остуоруйалара—задачаларга
Куобах кутуруга суох буолбута
(Саха остуоруйата)
Былыыр-былыр куобах саhыл курдук уhун, кѳп кутуруктаах эбит. Кутуругун уhуна 7 дм эбит. Биир хараңа киэhэ куобах ампаарыгар мас ыла тахсан баран, тыал тыаhыттан соhуйан, ааңңа кутуругун кыбыппыт. Онтон ыла кутуруга 9 см буолбут. Оҕолоор, этиң эрэ, куобах кутуруга тѳhѳнѳн куччаабытый?
Суота: 7дм=70 см.
70 см – 9 см = 61 см.
Эппиэтэ: 61 см-нан.
Кэҕэ
(Эбэнки остуоруйата)
Сир урдугэр биир дьаданы дьахтар олорбут. Кини түѳрт оҕолоох эбит. Оҕолоро кѳмѳлѳспѳттѳр, куруук оонньоон тахсаллар эбит. Биирда ийэлэрэ улаханнык ыалдьыбыт, оҕолоруттан уу аҕалалларыгар кѳрдѳспүт.
Оҕолоро араас суол таңастара суоҕунан сылтанан, уу аҕалбатахтар, онтон биир оҕо отой даҕаны санарбатах. Ханнык оҕо санарбатаҕый, ѳскѳтүн:
– «Этэрбэhим суох» – диэн үс кыра оҕо эппэтэх;
– «Бэргэhэм суох» – диэн үhүс даҕаны, тѳрдүс даҕаны оҕо эппэтэх;
– «Сонум суох» – диэн бастакы даҕаны, иккис даҕаны , тѳрдүс даҕаны оҕо эппэтэх;
– иккис оҕо саңата суох хаалбатах буоллахтарына?
Суота:
1 о5о | 2 о5о | 3 о5о | 4 о5о | |
Этэрбэс | + | – | – | – |
Бэргэhэ | – | + | – | – |
Сон | – | – | + | – |
Саңарбатах | – | – | – | + |
Эппиэтэ: тѳрдүс оҕо тугу даҕаны саңарбатах.
Бэйэбит задача, холобур айабыт
Ойуур оскуолата
Ойуур оскуолатыгар араас кыыллар оҕолоро үѳрэнэллэр эбит. Сѳпкѳ суоттаммыт холобур аайы тииң оҕото тэллэй, моҕотой оҕото эриэхэ, эhэ оҕото отон бэлэх ылаллар эбиттэр.
Биир үтүѳ күн тииң оҕото 6 тэллэйдээх, моҕотой оҕото оннооҕор 2-нэн элбэх эриэхэлээх, онтон эhэ оҕото иккиэннэрин кэhиилэрин холбообут саҕа отонноох буоллаҕына, ойуур оскуолатыгар барыта хас холобур ити күн сѳпкѳ суоттаммытый?
Суота: 6+2 =8 эриэхэ
6+8=14 отон
6+8+14=28 холобур.
Эппиэтэ: 28 холобур.
Ыстанаҕа курэх
Биир күн кенгуру, куобах уонна баҕа уhуну ойууга күрэхтэhэргэ быhаарыммыттар. Кенгуру 2 м 8 дм 5 см 9 мм ойбут, куобах – 3 дм 5 см 7 мм, онтон баҕа – 4 см 3 мм. Кенгуру куобахтааҕар уонна баҕатааҕар тѳhѳнѳн ырааҕы ойбутуй?
Суота: 2 м 8 дм 5 см 9 мм – 3 дм 5 см 7 мм = 2 м 5 дм 2 мм
2 м 8 дм 5 см 9 мм – 4 см 3 мм = 2 м 5 дм 1 см 6 мм.
Эппиэтэ: 2 м 5 дм 2 мм, 2 м 5 дм 1 см 6 мм.
Биир, икки, Υс…
Куhуңңу ойуур
Биир сэбирдэх – тэлээрэ кѳт,
Икки сэбирдэх – илиибэр түс,
Үс сэбирдэх – урут үѳhэ түс,
Түѳрт сэбирдэх – туора кѳт,
Биэс сэбирдэх – тэлибирии кѳт,
Алта сэбирдэх – алтан ѳңүнэн оонньоо,
Сэттэ сэбирдэх – сэргэстэhэ кѳт,
Аҕыс сэбирдэх – атах анныгар,
Тоҕус сэбирдэх – оҕуруолуу тоҕун,
Уон сэбирдэх – оhуор ойуур.
Ыт туhунан ахсаан
Бииргэ нуулу эбэбин – биир сытымсах муруннаах,
Бииргэ биири эбэбин – икки чуор кулгаахтаах,
Бииргэ иккини эбэбин – үс туочука ойуулаах,
Иккигэ иккини эбэбин – түѳрт быhый атахтаах,
Иккигэ үhү эбэбин – биэс бытырыыс бытыктаах,
Үскэ үhү эбэбин – алта алтан мэдээллээх,
Үскэ түѳрдү эбэбин – сэттэ миэтэрэ быалаах,
Түѳркэ түѳрдү эбэбин – аҕыс араас таптал ааттаах,
Түѳркэ биэhи эбэбин – тоҕус толору дьоллоох,
Биэскэ биэhи эбэбин – уон саастаах мин ытым!
Түмүк
Маннык кѳрүңнэр оҕо кѳннѳрү ахсааны суоттуурга эрэ буолбакка, кини тѳрѳѳбүт тылын таптыырга, сыаналыырга үѳрэнэр. Оҕо тыл эйгэтин кытта ахсаан эйгэтин дьүѳрэлээн, уустаан ураннаан, бэргэн хомоҕой тылынан айар, кэпсиир үѳрүйэҕэ сайдар.
Кэтээн кѳрүүбүт түмүгүнэн, оҕолор ахсаан уруоктарыгар интириэстэрэ күүhүрэр, дьиэҕэ үлэлэрин үѳрэ-кѳтѳ толороллор, ахсаан-хоьоон, остуоруйа айалларын бырахпаттар.