Олонхо олуктаныыта.
Рожина Ульяна Петровна,
учитель начальных классов,
МБОУ “Эльгетская СОШ имени А. Р. Слепцова”,
Республика Саха (Якутия), Верхоянский улус, с. Хайысардах
Саха фольклорун муҥутуур чыпчаалынан былыргы бухатыырдар хорсун сырыыларын, геройдуу охсуһууларын хоһуйан көрдөрөр сүдү эпическэй айымньы олоҥхо буолар.
Саха олоҥхотун истибит эрэ киһи барыта сөҕөр-махтайар, бэккиһиир. Онтон сахалар олоҥхо эйгэтин иһигэр киирэн хаалаллар. Олоҥхо оннук киһи кутун-сүрүн тардар, абылыыр сүдү улахан айымньы.
«Олоҕхо – саха норуотун энциклопедийата, бары күндүтэ мустубут музейа. Саха фольклорун бары жанрдарын синтеһэ, киһи билэр бары поэтическай ньыматын сиэркилэтэ» ,- диэн сыаналыыр Д.К.Сивцев Суорун Омоллоон.
Саха олоҕхото олус да дирин, киэн өй –санаа, били-көрүү байҕала, уус-уран тыл күндү кылаата мунньуллан, үйэттэн үйэҕэ сүппэккэ, саха киһитин кутугар-сүрүгэр иҥэн сылдьар сүдү айымньы буоллаҕа. олоҥхо ис хоһооно, саха омук олорон ааспыт олоҕун, аһын-танаһын, иһитин-хомуоһун, дьиэтин-уотун, малын-салын, үгэһин-үөрүйэҕин салҕары-сылайары билбэккэ, ирэн-хорон эридьиэстиирэ. Саха киһитин сирэйин-хараҕын, унуоҕун –арҕаһын, быһыытын-таһаатын, майгытын-сигилитин, өйүн-санаатын, сиэрин-туомун киэргэлэ-кырааската суох кэпсиирэ, дойдутун сирин- уотун, көтөрүн- сүүрэрин, күнүн-дьылын оһуордаан-бичиктээн ойуулуура, олонхо философията, этиката, эстиэтикэтэ –бу барыта түгэҕэ көстүбэт дириҥ, уҥуоргута көстүбэт улуу байҕал, оройо көстүбэт улуу очуос.
Олонхону тун былыргы культура дииллэр. 1844с академик А.Ф.Миддендорф «Путешествие на север и восток Сибири» кинигэтигэр олонхоьут олонхолуурун
Туьунан ахтан ааспыта. Кини хомуйбут матырыйаалынан О.Н.Бётлингк наука5а аан маннайгынан олонхо уонна олонхоьут диэн терминнэри киллэрбитэ.
1851с. тахсыбыт академик О.Н.Бётлингк «Сахалар тылларын туьунан» диэн улэтигэр сыьыарыы быьыытынан А.Я.Уваровскай «Эрэйдээх-буруйдаах Эр Со5отох» олонхото бэчээттэммитэ.
Саха сиригэр кесе кэлэн олорон , фольклору хомуйбут улахан енелеех дьон И.А.Худяков, Э.К.Пекарскай, С.В.Ястремскай хас да олонхону сэьэнинэн суруйан, тылбаастаан бастакы чинчийиилэри онорбут хомуурунньуктарыгар (1907-1918сс.ус том тахсыбыта) олонхо тиэкистэрэ киирбиттэрэ. Дьааны олонхотун сурукка-бичиккэ аан маннай туьэрбит, тылбаастаабыт уонна киэн научнай эйгэ5э таьаарбыт , полит-сыылынай , нуучча фольклористикатын теруттэспит И.А.Худяков буолар. Кини оччотоо5у наука ирдэбилинэн кимнээхтэн олонхолору суруйбутун ыйбата5а. И.А.Худяков Ырыа Быллай, Ырыа Чэкэт диэн номоххо киирбит олонхоьуттары ахтан аьарар. Ырыа Чэкэт хоту улуустарга киэнник биллэр эбит. Кэнники суьуех олонхоьуттартан Е.Р.Горохов-Сытыкый, М.Н.Горохов-Муойа, П.Юмшанов-Ньымадьы Дьааны улуу олонхоьуттарын ахсааныгар киирэллэр. Кинилэр олонхолуур угэстэрин инэриммит Д.А.Томская фольклористары кытта айымньылаахтык улэлээн, баай репертуарын сурукка-бичиккэ туьэрэн, уйэтитэн олонхоьут быьыытынан киэн эйгэ5э билиннэ, олонхолоро нууччалыы-сахалыы тылбаастанан та5ыстылар.
Бу дьоьун суолталаах улэ5э саха дьоно кыттыбыттара уердэр: «Дьулэй ууьун уерэхтээхтэрэ Р.К.Большаков уонна Алаача уола Роман Александров диэн эдэр дьон Ньукулай Абрамовтан, Э.К.Пекарскай кердеьуутунэн, 1886с. «Уолумар уонна Айгыр уда5аттар», «Елбет Бэргэн», «Баьымньы Баатыр», «Эрбэхтэй Бэргэн», «Элик уонна Ньыгыл Боотур» диэн биирдии бэйэлэрэ устуу тууннээх кун тохтоло суох ылланар олонхолору суруйан биэрбиттэрэ биллэр» -диэн Е.Д.Андросов суруйар. Оччолорго да5аны дьон уерэхтээх, сайдыылаах етте утуе ба5аларынан норуот айымньытын суруйар, хомуйар идэлээх эбиттэр. Таатта ааттаах баайа Киргиэлэй Оруоьун Кестекуун «Ньургун Боотуру» суруйан Э.К.Пекарскайга биэрбитэ. Дупсун киьитэ А.П.Афанасьев С.В.Ястремскайга кемелеспуттэрэ. Ити курдук олонхону сурукка-бичиккэ киллэрии аатырбыт ырыаьыттар ессе тыыннаахтарына, чинчийэр улэ5э сыьыаннаах, бэйэлэрин кэмнэригэр бастаан иьэр ейдеех- санаалаах дьон кыьамньыларынан са5аламмыта.
Сахаларга биир киэнник тар5аммыт уонна биьирэнэр олонхонон «Дьулуруйар Ньургун Боотур» буолар. Аан бастаан сурукка киллэрбит киьинэн 19 уйэ иккис анарыгар олоро сылдьыбыт киьинэн кыра уерэхтээх саха киьитэ К.Г.Оросин этэ.кини суруйбут тиэксин саха тылын уьулуччулаах чинчийээччитэ Э.К.Пекарскай 1907с Петербурга бэчээттэтэн таьаарбыта. Олонхону Г.У.Эргис киирии ыстатыйалаан, элбэх хос быьаарыы биэрэн, сахалыы-нууччалыы тылынан 1947с. таьаарбыта, онон атын омуктар олонхону кытта билсэллэригэр улахан енену онорбута.
Саха советскай литературатын теруттээбит П.А.Ойуунускай «Ньургун Боотуру» биир бастын кэрэ олонхонон сыаналаан, араас варианнарын тумэн, чочуйан, 36 тыьыынча строкалаах суду олонхону айан хаалларбыта. «Ньургун Боотурга» оло5уран, композитордар М.Н.Жирков уонна Г.И.Литинскэй саха бастакы оператын музыкатын суруйбуттара. Бу олонхону Саха АССР утуелээх артыыьа Г.Г.Колесов толоруутунан грампластинка5а суруллубута.
П.А.Ойуунускай олонхото биллиилээх нуучча тылбаасчыта В.В.Державин тылбааьынан 1975с. тахсыбыта. Француз Жак Карро К.Г.Оросин «Ньургун Боотурун» 1947с. тахсыбытын булан тылбаастаабыта.
Билигин олонхо аан дойдуга киэнник билиннэ. Олонхо «Аан дойду тылынан, материальнайа суох нэьилиэстибэтин шедевра» диэн бочуоттаах ааты ылла.
Василий Ермолаев Дьулуруйар Ньургун Боотур эпическэй уобараьа Орхон туурдэрин баьылыктарыгар Бильга-Каган, Кюльтегин, Тоньюкух кэриэстэригэр 8 уйэ5э туруоруллубут мэнэ таастарын суруктарыгар элбэх дьуерэлэьиилэр тустарынан суруйбут. Норуот 7 уйэлэр усталара стелалар тиэкистэрин сурун бэлиэлэрин умнубакка, олонхо номо5о оностон кэлбитин се5уеххэ эрэ сеп.