Ситимнээх сананы сайыннарыыга аьагас дьарык конспега

Варламова Александра Николаевна, воспитатель, МБДОУ Детский сад №20 "Надежда", Республика Саха (Якутия), город Якутск

Ситимнээх сананы сайыннарыыга аьагас дьарык конспега

 

Варламова Александра Николаевна,
воспитатель,
МБДОУ Детский сад №20 “Надежда”,
Республика Саха (Якутия), город Якутск

 

Сахалыы танастаах оголор балаганна олороллор.

И: Утуо кунунэн оголоор. Дьарыкпытын сагалыахпыт иннинэ билсиэхпит. (иитээччи биирдии биирдии оголору кытта илии тутуьан дорооболоьор, аатын этэр. Оголор толору ааттарын этэллэр.)

И: Оголоор, биьиги бэйэ бэйэбитин кытта билистибит. Билсэрбитигэр биьиги тугу гынныбыт? Ааппытын эттибит уонна илии тутуьан дорооболостубут.

Оголор эппиэттэрэ.

Ол аата тыл кеметунэн доргоон таьааран уонна илии тутуьан бэйэбитин ейдестубут.

И:.Биьиги кинилэри куруук харыстыы, эрчийэ сылдьыахтаахпыт. Оччого бииьиги сопко, чуолкайдык санарар буолабыт уонна элбэх доготтордоох буолуохпут.

Билигин бары турабыт уонна муусуканы истэн тылчааммытын, тарбахтарбытын эрчийиэхпит.

(Логоритмика. Сахалыы муусука холбонор)

1 эрч. Сарсыарда туран уьуктан куннэ тардыьабыт.

2 эрч. Илиибитин суунабыт, мыылалыыбыт, тэбиибит.

3 эрч. Сирэйбитин суунабыт, кулгаахпытын, массаажтыыбыт.

4 эрч.  Чаьыыбытын коробут. аьыыр кэм кэлбит. Хааьы сиибит, уут иьэбит.

5 эрч. Чаьыыбытын коробут, оонньуур кэм кэлбит. Хачыаллыыбыт, мээчиктиибит.

И: Билигин биьиэхэ дьарыктанар чааспыт кэлбит. (Тыл таайыыта, фишканнан улэ)

И: Билигин биьиги дуоскага саьан турар тылы таайыахпыт.

«От-мас аьылыктаах, ойуоккалаан огонньор баар уьу»

О: Куобах

И: Соп. Куобах диэн тылга инники доргооно ханнык иьиллэрий? Ким фишканнан тылы суруйуой. (фишканнан улэ)

  • К бутэй, ньиргиэрэ суох,
  • УО дифтон,
  • Б ньиргиэрдээх бутэй,
  • А аьагас,
  • Х ньиргиэрэ суох, бутэй

Куобах хартыынатын кордоруу. Боппуруостар:

  1. Куобах ханна олороруй? ( Ойуурга, талахтар быыстарыгар, от-мас анныгар)
  2. Куобах тугу сиирий? (мас хатарыгын, сэбирдэги, талагы)
  3. Того куобах туутэ кыьын манан буоларый? (манан хаарга кыыллартан, булчуттартан саьаары, манан хаарга манан туутэ кестубэт)
  4. Куобах илин атага хайдагый? кылгас буолар эбит, кэлин атага? уьун, ол иьин кини ыраагы ыстанар, ойор.

Оонньуу «Туьахха иннимэ»

И: Булчут ойуурга туьах ииппит, эьиги , куобахтар туьахха иннибэт курдук, ыраагы ыстана сатыахтааххыт.

Онтон иккис туьахха эмиэ иннибэт курдук, бэйэгит толкуйдаан, туьагы тумнан ааьыахтааххыт.

Таабырын: «Аа-дьуо хаамар, олус куустээх, балыксыт, отонньут кыыл баар уьу»

О: Эьэ

И: Маладьыастар.

Бу доргоон фишкаларын корун эрэ, доргоон фишкатыгар оссо биир доргоон фишкатын эппиттэр, оссо биир аьагас доргоон фишкатын эппиттэр, ханнык тыл суруллубута болой? Эьэ

Эьэ туьунан тугу билэгитий?

Оонньуу (тогуруччу туран эьэ оонньуурун бэйэ бэйэгэ бэрсэн эьэ туьунан этээьин).

И: Эьэ кыьын утуйан, саас уьуктар. Ол уьуктан, кыьыны быьа аьаабатах буолан, наьаа аччык буолар. Тугу булбутун, кими корсубутун барытын сиир, кутталлаах, адьыр5а кыыл буолар эбит. Сахалар эьэни оссо тыатаагы диэн ааттыыллар эбит.

Корун эрэ оголоор, хартыыналары холбоотохпутуна, этии  тахсар.

(Фланель дуоскага улэ.)

«ЭЬЭ куьун АР5АХ оностор, кыьын УТУЙАР»

(хартыыналары холбоон этии онорон оголорго этитии.)

Таабырын: «Маска уйалаах, хойуу кутуруктаах кырачаан кыыл баар уьу?»

О: Тиин

хоьоон уорэтиэхпит. Мнемотехника

Хоьоомут аата: «Тиин»

ТИИТТЭН ТИИККЭ ОЙУОЛААН

ТИИННЭР ОГОЛУУ ООННЬУУЛЛАР

ТИИККЭ КУОТАН ТАХСАР ТИИН

ХАТЫРЫК ТОХТОН КУРУЛУУР

БУЛБАТ БУЛЧУТ ХАРАГА

БОРОН ТИИН ТЫЫННААХ ХААЛЫАГА

Дуоскага 3 хатылыыбыт.

И: Маладьыастар.

(Аан тонсуйаллар, байанай огонньор киирэр.)

Б: Дорооболорун оголоор. Миигин биллигит дуо

О: Дорообо Байанайгын.

Б: Оголоор. Мин эьиэхэ кордоьуулээх кэллим. Быйыл хаар бого туьэн кыылларым саьан хаалбыттар. Комолоьун эрэ. Хартыынаны кордорор.

И: Комолоьон бого буоллага дии.

Остуолга хартыыналар сыталлар. оголор биирдии хартыынаны ылан сыьыараллар.

И: Оголоор корун эрэ, биьиги билэр кыылларбыт бааллар эбит дии. Байанай огонньорго хартыынаны кэпсээн корун эрэ.

Хартыынаннан кэпсээьин.

Б: Махтал оголоор. Эьиэхэ кэьиибин бэлэхтиибин. Алгыс тыллаах хартыыналары оголорго туттарар.

Б: Кыылларбын буллум. Оголоор эьиги тыа кыылларын харыстаан. Оту маьы алдьтыман. Корсуоххэ диэри. (Тахсар.)

Оголор миэстэлэригэр кэлэн олороллр. (Анализ.)

И: Биьиги дьарыкпытыгар тугу гынныбыт?

Оголоро эппиэттэрэ.

Центр дистанционных мероприятий “Пора роста” – это цифровая образовательная экосистема, с большим набором сервисов для учителей, учеников и их родителей.