“Олоҥхо – саха норуотун барҕа баайа” интерактивнай олимпиада

Территория проведения:

Республика Саха (Якутия)

Участники:

дети

Прием заявок и работ:

идет прием ответов

Итоги:

в течение 3 рабочих дней

“Олоҥхо – саха норуотун барҕа баайа” Өрөспүүбүлүкэтээҕи интерактивнай олимпиада

 

Саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын саамай бөдөҥ көрүҥэ аан дойдуга биллибит олоҥхо буолар. Олоҥхо тыла төрөөбүт ийэ тылга тапталга, сүгүрүйэргэ, кини өлбөт мэҥэ уутун курдук киһиэхэ күүстээх дьайыыны оҥорор кыаҕын арыйар. Оҕолорго олоҥхо дьикти эйгэтин интэриэҺиргэтэр сыалтан, оҕолор уруhуйардарынан киэргэтиллибит интерактивнай олимпиада оҥоһуллунна.

Сыала-соруга:

  • олоҥхону – оҕолорго оонньуу көмөтүнэн билиһиннэрии, сүрүн өйдөбүлү биэрии;
  • олоҥхо туһунан билиилэрин кэҥэтии;
  • олоҥхоҕо интэриэһи, сүдү айымньыга убаастабылы иитии;
  • олоҥхо туhунан билиилэрин чиҥэтии, эбии кэҥэтии.

Олимпиадаҕа 20 араас сорудах бэриллэр. Кыттааччы сорудахтары 40 мүнүүтэ иhигэр толоруохтаах.

(!) Олимпиада сорудахтарын толорорга Интернет ситимэ, сайаапка нүөмэрэ наада. Кыттааччы эппиэттэрэ тэрийэр бөлөххө бэйэтэ тиийэр. Олимпиадаҕа кыттыбытын туhунан Туоhу сурук ыйыллыбыт электроннай аадырыска ыытыллар.

Сайаапка биэрии хаамыыта:

  • Саайтка киириэххэ эбэтэр регистрацияланыахха наада.
  • Кыттааччы ахсаанын суруйан баран “В заявку” кунуопканы баттыыгыт.
  • Сайаапка бигэргэммитин уонно тэрээhин усунуоhа төлөммүтүн кэннэ Тус бэйэ кабинетыгар Олимпиада сыылката (сигэтэ) тиийэр.
  • Тэрээhин усунуоhа: 100 солк.

Олимпиада түмүктэрэ:

  • Муҥутуур баал – 100.
  • Олимпиада кыайыылаахтара кыттааччы уопсай ылбыт баалларынан быhаарыллар: I, II, III миэстэ. Кыайыыга тиксибэтэх оҕолор Кыттааччы дипломунан наҕараадаланаллар.
    • Оскуолаҕа киирэ илик оҕолор: 80-100% – 1 миэстэ, 70-79% – 2 миэстэ, 60-69% – 3 миэстэ.
    • Алын кылаас оҕолоро: 85-100% – 1 миэстэ, 75-84% – 2 миэстэ, 65-74% – 3 миэстэ.
    • 5-11 кылаас оҕолоро: 90-100% – 1 миэстэ, 80-89% – 2 миэстэ, 70-79% – 3 миэстэ.
  • Кыайыылаахтары бэлэмнээбит учуутал Салайааччы дипломунан наҕараадаланар.
  • Наҕараада докумуоннара 3 күн иhинэн сайаапкаҕа ыйыллыбыт электроннай аадырыска ыытыллар.

Организационный взнос 100.00