Сценарий “Саҥа дьыл аптаах остуоруйата” (бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар)

Яковлева Клавдия Николаевна, воспитатель, МБДОУ Детский сад №2 "Ёлочка", Республика Саха (Якутия), Сунтарский улус, с. Эльгяй

Сценарий “Саҥа дьыл аптаах остуоруйата” (бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар)

 

Яковлева Клавдия Николаевна,
воспитатель,
МБДОУ Детский сад №2 “Ёлочка”,
Республика Саха (Якутия), Сунтарский улус, с. Эльгяй

 

Сыала-соруга:

  1. Саҥа дьыл үөрүүлээх эйгэтин тэрийии.
  2. Француз суруйааччыта Шарль Перро айымньытын кытта о5олорго билиьиннэрии.
  3. Классическай музыканы истэ билэ үөрэнэллэр.
  4. О5олор оруолга киирэн саҥаран-иҥэрэн оонньуулларын көҕутуу.

Кыттар оруоллар:

  1. Остуоруйа кэпсээччи- Иитээччи
  2. Кулчээнэ-оҕо
  3. Маачаха-оҕо
  4. Анна-оҕо
  5. Марьянна-оҕо
  6. Аптаах фея-оҕо
  7. Принц-оҕо
  8. Стражник-оҕо
  9. Кутуйахтар, аттар (3 уол)
  10. Король-оҕо
  11. кучер-оҕо

1 чааһа

 

Зал саҥа дьыл бырааһынньыгар киэргэтиллэн турар. Елка аттыгар камин оһох турар. Өрө көтөҕүүлээх музыка тыаһынан о5олор киирэллэр « Аптаах остуоруйа» (Надежда Макарова муз.тыл) ыллыыллар. Устуулларыгар баран олороллор.

Ыытааччы: Дорооболоруц о5олоор. Бүгүҥҥү үөрүүлээх саҥа дьылы көрсөр бырааһынньыкпытыгар бары наьаа да маанытык таҥнан , симэнэн олороргут тоҕо да үчүгэйэй! Эһигитини барыгытын кэлэн иһэр саргылаах саҥа дьылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Оҕолоор, ахсынньы ый остуоруйа ыйа буолар. Билигин мин эһиэхэ саҥа дьыллааҕы аптаах остуоруйабын кэпсиэм. Остуоруйам аата «Күлчээнэ» Шарль Перро диэн франзус суруйааччыта суруйбут.

Ыытааччы: Уруут-урут, ыраах-ыраах биир дойдуга биир кыыс олорбута. Кини аата Күлчээнэ диэн эбит. Күлчээнэ кыра эрдэҕинэ ийэтэ суох буолбута. Кэлин аҕата иккистээн ойохтоммута. Ол ойоҕо икки кыргыттардаах эбит. Күлчээнэ маачахата кыргыттарын наьаа таптыыра атаахтаталыыра. Баҕарбыттарын барытын баар гынара, киэргэтэрэ, симиирэ. Онтон Күлчээнэ барахсаны абааһы көрөр этэ. Кирдээх, алдьаммыт таҥаьы кэтэрдэрэ сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри улэлэтэн тахсара.

(Музыка тыаһыыр С.С.Прокофьев. Балет. Күлчээнэ кирдээх таҥастаах ,дьиэ харбыы сылдьар,үҥкүүр)

(Музыка уларыйар Рахманинов «Итальянская полька». Маачаха ийэтэ кыргыттарын кытта киирэн кэлэллэр илиилэригэр веердаахтар, сиэркилэҕэ көрүнэллэр,оҥостоллор тутталлар-хапталлар.)

Маачаха: Күлчээнэ! Биьиги бугун саҥа дьылы королевскай балга көрсө барабыт. Эн барытын оҥордуҥ, толордуҥ дуо? Мин соруйбуппун!?

Күлчээнэ: Толорон ийээ! Анна: Баалга кэтэр былааччыйабытын тикпитиҥ да?

Күлчээнэ: Тикпитим эдьий. Марьянна: Били мин эппит сибэккибин үүннэрбитиҥ да? Баттахпар иилиниэм этэ, баалга барарбар.

Күлчээнэ: Үүннэрбитим эдьий. ( Сибэккини биэрэр)

Анна: Фу, куьаҕан баҕайы сибэкки ди, миэхэ биэр бу сибэккини.

Марьянна: Суох биэрбэппин! Баттахпар иилиниэм ди! ( Былдьаьаллар)

Маачаха: Кырасаабыцалар! Этиьимэҥ! Балга барарга бэлэмнэниэххэ!

Күлчээнэ: Ийээ, мин балга эьигини кытта барсыахпын сөп дуо?

Марьянна: Фуу, хайдах маннык кирдээх былааччыйалаах бараары гынаҕын! ( Үьүөн алларастаан күлэллэр, Күлчээнэ илиитинэн сирэйин бүөлэнэр)

Маачаха: Сөөп, Күлчээнэ баалга барыаххын баҕарар буоллаххына …(толкуйдуур)барыаххын сөп.

Күлчээнэ: Баьыыба ийээ! (Үөрэ түьэр)

Маачаха: Ол эрээри үлэ5ин барытын бутэрэҕин! Оьох күлун ыраастыыгын, биир куул бурдугу сипсийэҕин, биир куул горох бурдугун ыраастыыгын. Өссө хаар бөҕөтө түһэн эрэр. (Түннүгү көрөллөр)

Ү ҥкүү. (Муз 6 Шедевры классической музыки «Метель вальса») «Хаар кыырпахтара» (Хаар кыырпахтара үҥкүлээн, тахсаллар)

Маачаха: Дьэ өссө биир үлэ дьиэ таһыттан хаары барытын таһаҕын! Дьэ ол эрэ кэнниттэн баалга барыаххын сөп!

Күлчээнэ: Ийээ наьаа элбэх үлэ, биир күҥҥэ барытын бүтэрбэтим боло…

Маачаха: Онтон эн ыксаа ээ! Кырасаабыссалар, бардыбыт ыксыахха! (музыка Рахманинов «Итальянская полька» тыаһыыр тахсан бараллар, Күлчээнэ илиитинэн сирэйин бүөлэнэр, ытыыр).

2-с хартыына.

Ыытааччы: Маачаха кыргыттарын кытта королевскай балга бараллар. Онтон Күлчээнэ дьиэтигэр маачахата соруйбут улэтин толоро хаалар. (Музыка тыаһыыр Шедевры классики «Музыка сердца», Күлчээнэ кууллаах гороҕу ыраастыы олорор. Эмискэ аптаах Фея тиийэн кэлэр) Чүмэчилээх үҥүү, 3 кыыс үҥкүлүүр, кэннилэриттэн Фея киирэр. (Музыка П.И.Чайковский «Зима»).

Фея: Дорообо Күлчээнэ! Саҥа дьыл саҕана эн сынньаммакка, бырааһынньыктаабакка, үлэлии олороҕун, мин эйигин аһынабын аҕай. Уонна мин эйиэхэ саҥа дьыллааҕы бэлэх оҥоруом. Эйигин баалга ыытыам!

Күлчээнэ: Баьыыба Фея, ол эрээри мин улэм наһаа элбэх. Фея: Эн олох долгуйума! Мин барытын аптаах палочкабынан аптаан улэҕин толоруоҕум.

Күлчээнэ: Баһыыба Фея, ол эрээри мин платьям суох ээ.

Фея: Онно эн эмиэ олох долгуйума, мин аптаах палачкабынан эн кирдээх былааччыйаҕын олус кэрэ былааччыйа оҥоруом. (Фея аптыыр Күлчээнэ кэрэ бэйэлээх платьяланар)

Күлчээнэ: Баьыыба Фея, (Күлчээнэ эргийэр, үөрэр) Фея: Күлчээнэ, мин эйиэхэ хурустаал түүппүлэ бэлэхтиибин, бу түүппүлэ эйиэхэ дьолу аҕалыаҕа.( Фея түүппүлэ биэрэр)

Күлчээнэ: Баьыыба Фея (Түүппүлэтин кэтэр) Оо, Фея мин балга тугунан барабыный? Фея: Оол турар тыкваны мин аптаах палочкабынан карета оҥоруом. (Тыква турар , Карета буолан хаалар) Таак, онтон билигин аттарбытытын уонна кучеры толкуйдуохпут .. ( тулатын көрунэр , кутуйахтар сүүрэн иһэллэрин көрөн аптаах палочкатынан аптыыр үс кутуйах аттар буолан хаалаллр. Музыка тыаһыыр аттар кистииллэр, туйахтарын тыаһа иһиллэр, киирэн карета иннигэр турунан кэбиьэллэр.)

Фея: Таак, билигин кучер толкуйдуохпут. ( тулатын көрунэр) Ол турар кутэри кучер оцоруом! Аптаах палочкатынан сапсыйар күтэр кучер буолан хаалар)

Фея: Күлчээнэ чэ, эн каретагар олорон учугэйдик баалга баран уҥкулээ, сынньан. Ол эрээри өйдөө 12-и иннинэ кэлиэххин наада. 12-и буолла да мин аптаах палочкам абын сүтэрэр. Бу кэрэ былааччыйаҥ урукку кирдээх былааччыйаҥ буолуоҕа. Каретаҥ тыква буолуо. Кучер уонна аттар кутуйахтар буолуохтара.

Күлчээнэ: Өйдөөтум Фея (Күлчээнэ Феяны кытта быраһаайдаһар каретаҕа олорон барар)

3-с хартыына

Ыытааччы: Онтон королевскай баалга принцессалар бөҕө кэлэннэр уҥкүүлүү аҕай сылдьаллар эбит. (Вальс музыкатын тыаһынан үҥкүү, король уонна принц троҥҥа олороллор, Күлчээнэ залга киирэр)

Принц: Оо, бу хантан кэлбит кэрэ да принцессаный?

Король: Билбэтим, олох хаһан да көрбөтөх принцессам,баран үҥкүүгэ ыҥыр,билсис. ( Принц Күлчээнэҕэ чугаһыыр)

Принц: Мин наһаа үөрдүм эн кэлбиккэр, баһаалыста миигин кытта үҥкүлүөҥ дуо? ( Күлчээнэ төҥкөҥнүүр уонна принцы кытта үҥкүлүүллэр. Музыка бутээтин кытта бой часов тыаһыыр, Күлчээнэ аҥаар түүппүлэтин хаалларан баран,суурэн хаалар)

 

4- хартыына

(Музыка тыаһыыр, Күлчээнэ дьиэ харбыы сылдьар. Маачаха кыргыттарын кытта, сиэркилэҕэ көрүнэллэр, кырааскаланаллар. Труба тыаһыыр. Стражник киирэр, илиитигэр свитоктаах онтун аһар ааҕар)

Стражник: Болҕойуҥ! Болҕойуҥ! Болҕойуҥ! Король бирикээс таһаарда! Хурустаал түүпплэҕэ сөп тубэспит атахтаах кыыһы принц кэргэн ылар үһү! Королевста иһигэр олорор кыргыттар бары кэтэн көрүөхтээхтэр!

Маачаха: Марьянна, Анна кэлиҥ, кэлиҥ! Хурустаал түүппүлэни кэмнэниҥ! (Түүппүлэни кэтэн көрөллөр да түүппүлэ кимиэхэ да сөп түбэспэт. Стражник Күлчээнэни сиэтэн устуулга олордор.)

Анна: Ээ бу кыыска хантан сөп тубэһиэй таҥаьа сырайа да куһаҕана бэрт!

Марьянна: Принц кинини хантан кэргэн ылыай?! (Үһүөн күлэллэр, стражник түүппүлэни кэтэрдэр, түүппүлэ сөп тубэһэр,маачаха кыргыттарын кытта соьуйан хаалар, музыка тыаһыыр Күлчээнэ таҥаһа уларыйан хаалар, принц киирэр Күлчээнэни үҥкүүгэ ыҥырар, Музыка тыаһыыр принцтаах Күлчээнэ үҥкүлүүллэр.)

Ыытааччы: Оҕолоор, остуоруйабыт үчүгэйдик, дьоллоохтук бүппүтэ үчүгэй даҕаныы!

 

2 чааһа

Музыка тыаьыыр Тымныы оҕонньор ,Хаарчаанатынаан киирэн кэлэллэр. Тымныы оҕонньор: Дорооболоруц оҕолоор!

Хаарчаана: Кыһыҥҥы үтүө күнүнэн!

Тымныы оҕонньор: Саҥа дьылынан! Саҥа дьолунан! Биир сыл эргийэн тиийэн кэллэ,эһиги оҕолор бары улааппыккыт, тупсубуккут! Биһиги Хаарчааналыын эһиги бырааһынньыккытыгар кэлбиппититтэн сүрдээҕин үөрэн турабыт! Эһиги ырыаҕытын, хоһооҥҥутун истиэхпин аһара баҕарбыппыт.

Хаарчаана: Эһээ , онтон бу кэрэ залга туох эрэ тиийбэт курдук. Оҕолор, туох тиийбэтэ буолуой?

Оҕолор: Елкабыт уота суох!

Тымныы оҕонньор: Мин бу, аптаах торуоскабынан кэрэчээн харыйабыт уоттарын уматыам! Эһиги бары «Биир,икки үс елкабыт уота умай»диэн миэхэ көмөһүҥ. ( Оҕолор бары «биир,икки үс елкабыт уота умай» дииллэр .Елка уота умайар. Ытыстарын таһыналлар.)

Ыытааччы: Тымныы оҕонньор, Хаарчаана, эһиги айаннаан сылайбыккыт боло, олоруҥ, оҕолор эһиэхэ анаан ырыаларын ыллаан, хоһооннорун ааҕан иһитиннэриэхтэрэ.

Хаарчаана: Эһээ, оҕолоор, биьигини кытта хаар киһи кэлиэхтээх этэ ди… Тоҕо эрэ кэлбэтэ ди… Кини биһиги эһиэхэ бэлэмнээбит кэһиибитин аҕалыахтаах этэ…

Тымныы оҕонньор : Оо, чахчы оннук этэ ди… Хайдах оҕолорбутугар кэһиитэ суох барыахпытый…

Ыытааччы: Тымныы оҕонньор,Хаарчаана санаарҕаамаҥ, биьиги оҕолорбут, билигин хаарынан хаар киһини тута охсуохтара. Музыка тыаһыыр, ырыа «Хаар киьини оҥоробут» Н.Макарова мел.тыл, ыллыы сылдьан хаар киһини оҥороллор)

Ыытааччы: Уой , наһаа үчүгэй хаар киһини оҥордулар ди, оҕолорбут, билигин хаар киһибитин аптаан хамсыыр оҥоруоххайыҥ! (Оонньуур хаар киһини ыытааччылаах, Хаарчаана таҥаьынан бүөлүүллэр, Фея тахсан аптаах палочкатынан таарыйар, музыка тыаһыыр, хаар киьи баар буолан хаалар)

Хаар киьи: Уунаҥалыыр,уой хата миигин ким оцорон баар гынна?

Ыытааччы: Оҕолор хаарынан туттулар ди.

Хаар киьи: Ээ баһыыбаларыҥ оҕолоор, мин кэлэн истэхпинэ күүстээх тыалга тубэспитим. Хата миигин кытта бары бэһиэлэй хороводка хороводтааҥ эрэ. (Бэьиэлэй хоровод).

Хаар киьи: Ээ оҕолоор, Тымныы оҕонньор, Хаарчаана эһиэхэ кэһиилээхтэр, мин ону тургэн баҕайытык киллэриэм. (Кэһии түҥэтиитэ.хаартыскаҕа түһүү)

Тымныы оҕонньор: Чэ биһиги атын уһуйааннарга эмиэ эҕэрдэлии барыахтаахпыт, эһиил баччаҕа эмиэ эҕэрдэлии кэлиэхпит! Көрсүөххэ диэри! (Тахсан бараллар)

 

Саҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарийын таҥан суруйда: Яковлева Клавдия Николаевна, Элгээйи «Ёлочка» уһуйаанын иитээччитэ.

Центр дистанционных мероприятий “Пора роста” – это цифровая образовательная экосистема, с большим набором сервисов для учителей, учеников и их родителей.