Оҕоҥ оскуолаҕа барарга бэлэмнээх дуо? (төрөппүккэ сүбэ матырыйаал)
Сантаева Виктория Александровна,
воспитатель,
МБДОУ Детский сад “Хатынчаан”,
Республика Саха(Якутия), Сунтарский улус, с. Бордон
Оҕо оскуолаҕа барар кэмэ хаһан баҕарар долгутуулаах, оҕоҕо да, төрөппүккэ да ыгылык буолар: оҕо күннээҕи эрэсиимэ, тулалыыр эйгэтэ эмискэ уларыйан барар. Элбэх төрөппүт оҕобут ааҕар, суоттуур, онон кини оскуолаҕа бэлэм дии саныыллар. Оннук буолбатах!
Оскуолаҕа бэлэмнээх буолууга үөрэхтээхтэр хас да хайысханы бэлиэтииллэр:
Эт-сиин өттүнэн бэлэмнээх буолуу. Саамай ыарахан ноҕурууска – оҕо уруокка 45 мүнүүтэни тулуйан олоруута. Ити кэмҥэ оҕо этигэр-сиинигэр улахан күүрүүнү ылар. Ол иһин оҕо этэ-сиинэ эрдэттэн бэлэмнээх буолуохтаах. Хас биирдии оҕо оскуолаҕа баран остуолга сөпкө олорору билэр, сатыыр буолуохтаах. Илии тарбахтара эрчиллиилээх, ханнык илиитинэн уруучука тутан суруйарын билиэхтээх, сатабыллаах буолуохтаах.
Уйулҕата бэлэмнээх буолуута. Оҕо уйулҕатын тутулуга, сайдыыта оскуолаҕа бэлэмнээх буолуутугар улахан оруоллаах. Уйулҕатын сайдыыта бэлэм буолбут оҕо элбэх киһилээх сиргэ сылдьарыгар, араас дьону кытта алтыһарыгар, билсиһэригэр чэпчэки буолар.
Оскуолаҕа барар оҕо уйулҕата бэлэмнээх буолуутугар маннык үөрэтиилэр бааллар:
— Бэйэ (личность) бэлэмнээх буолуута. Оҕо ситиһиигэ талаһыылаах буолуохтаах. Оскуола диэн тылтан оҕо толлубат, ол оннугар үөрэр, оскуолаҕа туттуллар биридимиэттэртэн астынар, олору ылыан, тутуон баҕарар санаата үрдүк буолуохтаах.
— Иэйээнэ, санаатын күүһэ. Оҕоҕо бу маннык хаачыстыбалар олоҕурбут буолуохтаахтар: бэрээдэктээх, истигэн, үлэһит, биир сиргэ сатаан тулуйан олорор, эппиэтинэстээх, хомуллугас, тулуурдаах. Оҕо сыыһаны оҥороруттан толлубат буоллаҕына, ону көннөрөргө талаһыылаах буолар. Ол аата кини санаата күүстээх, бэйэтигэр эрэллээх буоларга үөрэнэр. Оҕо санаата күүстээх буоларыгар төрөппүт көмөтө, кыһаллара киниэхэ өссө үрдүк ситиһиилэри саҕар. Оттон төрөппүт оҕотугар көмөлөспөт, кыһаллыбат буоллаҕына, оннук оҕо үчүгэйгэ таласпат, куттанар буолар.
— Өй кыаҕа. Оҕо болҕомтолоох, түргэнник бииртэн биир атыҥҥа болҕомтото холбонорун сатыахтаах. Бэриллибит соругу төбөтүгэр тутар, кыайан анаалыстыыр, эппиэт биэрэр, сыыһатын бэрэбиэркэлэнэр буолуохтаах. Үчүгэйдик, чуолкайдык саҥарар, толкуйдуур, кэпсиир, тулалыыр эйгэтин билэр, дьоҕура сайдыбыт буолуохтаах. Оҕо бэйэтин билиитин өйүгэр тутар, иҥэринэр уонна ол билиитин өйдүүр буолуохтаах. Төһөнөн оҕо элбэх билиилээх-көрүүлээх буоллаҕына, оҕоҕо уонна төрөппүккэ оскуолаҕа барыы чэпчэки буолуоҕа.
— Социальнай-психологическай бэлэмнээх буолуута. Оҕо бэйэтин кытта саастаах оҕолору кытта өйдөһөн, доҕордоһон, тапсан-сатаһан сылдьара инники өттүгэр туох да улахан харгыстары көрсүбэтигэр улахан төһүү буолар. Оҕо оскуола үөрэнээччитэ буоллум диэн эппиэтинэс сүгүөхтээх, ону өйдүөхтээх. Оскуола боруогун атыллаабыт оҕоҕо төрөппүт өттүттэн өйөбүл саамай наадалаах кэмэ буолар, төһөнөн оҕо өйөбүллээх даҕаны, кини ордук бэйэтигэр эрэллээх, саҥа сүүрээннэр киириилэрин чэпчэкитик аһарынар буолар. Бастакы күнтэн оскуола ис-тас оҥоһуута, үлэһиттэрин, учууталларын сыһыана оҕоҕо улахан олуктары оҥорор. Бастакы көрүү-истии, сыһыан оҕоҕо иҥэр, өйүгэр, санаатыгар хаалар. Онтон олоҕуран оҕо оскуолаҕа сыһыана быһаарыллар.
Оскуолаҕа саҥа барар үөрэнээччи ситиһиилээх буоларын туһугар тугу сатыыр уонна билэр буолуохтааҕый?
- Болҕомто. 20-30 мүнүүтэ туохха да аралдьыйбакка дьарыктаныахтаах. Биридимиэттэр, хартыыналар майгыннаһар уонна майгыннаспат өрүттэрин арааран билиэхтээх. Сорудаҕы быраабылатынан сөпкө толоруохтаах. Чэпчэкитик, болҕомтолоохтук, түргэнник оонньуу быраабылатын өйдөөн сөпкө оонньуохтаах.
- Суот. 1-тэн 10-ҥа диэри ахсааны билиэхтээх, ааҕыахтаах. Эбии (+), көҕүрэтии (-), тэҥнэһии (=) бэлиэлэри билиэхтээх. Төгүрүгү аҥаардыахтаах, түөрт муннугу түөрт аҥыы араарыахтаах. Кумааҕыга үөһээ, аллараа, уҥа, хаҥас хайысхаларын быһаарыахтаах.
- Долоҕой. 10-12 хартыынаны өйдүөхтээх. Хоһоону өйтөн ааҕар буолуохтаах. 4-5 тылынан остуоруйалары, өс хоһооннору, таабырыннары өйтөн этэр, кэпсиир буолуохтаах.
- Өйдүүр-толкуйдуур дьоҕур. Этиини бэйэтин өйүттэн ситэриэхтээх (холобур, чаай итии, утах…). Элбэх бэйэлэригэр сыһыаннаах тыллар быыстарыттан атын барсыбат тылы билэн, булуохтаах (холобур, «ыстаан, наскыы, ырбаахы, остуол, бэргэһэ»). Пазл оонньуутун улахан киһи көмөтө суох таҥыахтаах, кумааҕынан боростой сөмөлүөт, хараабыл оҥоруохтаах.
- Тарбах былчыҥнара. Уруучуканы, харандааһы, киистэни сөпкө тутуу. Хартыынаны сөпкө, таһыгар таһаарбакка кырааскалааһын. Кыптыйынан туттар сатабыл, аппликацияны сатааһын.
- Тыл. Аһаҕас, бүтэй дорҕоону билии, тылы сүһүөххэ араарыы, хас да тылынан этии оҥоруу, хартыынаны көрөн кэпсээһин. Хоһоону өйтөн хоһоонноохтук (выразительно, интонационно) ааҕыы.
- Тулалыыр эйгэ. Өҥү, дьиэ, ойуур кыылларын, көтөрдөрү, сибэкки ааттарын, мастары, оҕуруот аһын, фруктаны билиэхтээх, араарыахтаах. Дьыл кэмнэрин, айылҕа көстүүлэрин, Сахабыт сиригэр кыстыыр көтөрдөрү, ый ааттарын, нэдиэлэ күннэрин, оҕо бэйэтин аатын, араспаанньатын, төрөппүттэрин ааттарын, ханна үлэлииллэрин, олорор сирин, уулуссатын, дьиэтин нүөмэрин, ханнык идэлэр баалларын билиэхтээх.
Бу этиллибит ыйыктарынан сирдэтэн, оҕоҕут сайдыыта, билиитэ барсар буоллаҕына эһиги оҕоҕут оскуолаҕа киирэргэ бэлэм.
Оҕону бэйэтин дьаһанарга үөрэтиини кыратыттан саҕалыахха наада. Оҕо оннугар бэйэтэ гыныан сөптөөх дьыалатын оҥорорго ыксаамаҥ, бастаан бытааннык, көтүмэхтик да буоллар оҕо бэйэтэ оҥордун. Оскуолаҕа оҕо учууталын сорудахтарын толоруон, бэйэтэ быһаарыныы ылыныан, бииргэ үөрэнэр оҕолорун, учууталы кытта сыһыаны олохтуон — ол аата эппиэтинэстээх буолуон наада буолар.
- Оҕону доҕордоһорго үөрэтиҥ, кини доҕотторун туһунан интэриэһиргээҥ, ыйыталаһыҥ, табыллар буоллаҕына ыалдьыттыы ыҥырыҥ.
- Атын дьон көрөрүгэр-истэригэр оҕоҕутун мөҕүмэҥ, сэмэлээмэҥ. Ол оннугар иккиэн хааллаххытына тугу сөбүлээбэтэххитин этиҥ.
- Оҕо кыһалҕаларыгар, төһө да кыра курдуктарын иһин, дьоһуннаахтык сыһыаннаһыҥ. Оҕо эһиги өйөбүлгүтүгэр, тапталгытыгар туохтааҕар да наадыйар кэмэ.
- Маҥнайгы кылаас оҕотугар оскуолатын дьыалаларыгар, үөрэҕигэр истиҥник интэриэһиргииргитин, бастакы ситиһиилэригэр үөрэргитин биллэриҥ, хайҕааҥ, оттон туга эрэ табыллыбатаҕына өйөөҥ, сэргэхситиҥ.
- Оскуолаҕа тиийдэҕинэ ханнык быраабылалар баар буолалларын кэпсэтиҥ, ол тоҕо наадатын быһааран биэриҥ.
- Оҕоҕутун кытта күннээҕи эрэсиими, бэрээдэги оҥостуҥ, уонна ол бэрээдэк тутуһулларын кэтээҥ.
- Оскуолаҕа бараары туран өссө биирдэ расписаниетын бэрэбиэркэлээҥ. Үөрэнэр суумкатын иһэ бэрээдэктээх буоларын ирдээҥ.
- Оҕону элбэхтэ хайҕааҥ. Киһи интеллектуальнай дьоҕурдара хайҕалтан, эмоциональнай өйөбүлтэн биллэ үрдүөн, оҕо мотивацияланыан сөп.
- Оҕо быһыытыттан-майгытыттан, үөрэҕин хаамыытыттан долгуйар, мунаарар буоллаххытына учууталтан, оскуола психологыттан сүбэ ыларгытын кыбыстымаҥ.
- Оҕо истэригэр учууталы, атын оҕолору, төрөппүттэри куһаҕаннык саҥарымаҥ, оҕону кытта учуутал туһунан убаастабыллаахтык кэпсэтиҥ.
- Оҕоҕутун хаһан даҕаны атын оҕолору кытта тэҥнээмэҥ.
- Оскуола туһунан үчүгэйи эрэ кэпсээҥ. Оскуолаҕа үөрэнэр ыарахан диэн оҕону куттаамаҥ. Оскуолаҕа киирии – кыра киһиэхэ улахан долгуйуу, уларыйыы буолар. Төрөппүт оскуолаҕа үөрэммит дьоллоох сылларын туһунан кэпсээтэҕинэ, оҕоҕо оскуола туһунан үчүгэй өйдөбүл үөскүө.
- Оҕо бэйэтин толору аатын, төрөппүттэрин ааттарын, ханна үлэлииллэрин, дьиэтин аадырыһын билэрин ситиһиҥ.
- Оҕоҕо малларын бэрээдэктээхтик уура, хомуйа сылдьарыгар үөрэтиҥ. Үлэлиир, уруок ааҕар миэстэтин эрдэттэн бэлэмнээҥ. Улахан киһи курдук остуолун бэйэтэ хомуйар, бэрээдэктиир эбээһинэстээх буоллун.
Хас биирдии төрөппүккэ тулуурдаах буолууну, оҕоҕотугар кыһаллыыны, көмөлөөх буолууну баҕарабын!
Сантаева Виктория Александровна Сантаева Виктория Александровна1