Сценарий развлечения ко дню Байанайа “Хорсун хоодуот уолаттар”

Сценарий развлечения ко дню Байанайа “Хорсун хоодуот уолаттар”

 

Петрова Любовь Егоровна,
воспитатель,
Частное дошкольное образовательное учреждение “Беби Сити”,
Республика Саха (Якутия), город Якутск

 

Сыала: Саха киьитин торут дьарыга булт туьунан о5олор билиилэрин чинэтии, обугэлэр угэстэрин, булт сиэрин – туомун билиьиннэрии. Айыл5а5а тапталы, харыстабыллаах сыьыанна  мпмс иитии. Обугэ оонньуутун нонуо эти – хааны сайыннарыы.

Ыытааччы: Утуо кунунэн о5олоор!

– О5олор этин эрэ, ситинньи ый туох ыйай? (о5олор эппиэттииллэр)

– Саамай соп, – Сахаларга сэтинньи ый сахалыы халандаарынан Байанай ыйын бэлиэтэ буолар, онно анаан биьиги хорсун хоодуот уолаттар буоламмыт билигин курэхтэьиэхпит.

– Са5алыаххайын курэхпитин!

– Бастаан таабырынна таайыаххайын:

– Со5отох харахтаах тугу да тулуппат баар уьу? (саа)

– Суола – ииьэ биллибэт сыыдам сырыылаах баар уьу? (тыы)

– Баьаам элбэх аанынан ким да тахсыбат уьу? (илим)

Ыытааччы: Маладьыастар, курэххэ бэлэм эбиккит. Чэйин эрэ бултуурга, кыстыкка киириигэ бэлмнэниэххэйин эрэ.

– Бастакы этаабынан: биьи курэхпит «Ойбон тэьиитинэн» са5аланар. Онно биьиэхэ обруч орто кэтиттээх наада, 3 устуука шарик уонна бэйэ оноьуллубут о5олорго соптоох анньыы (анньыыбыт уьуктаах онно олох сэрэнэммит туттабыт). О5олор 6 миэтирэ ыраахтан 30 сокуундэ иьигэр суурэн тиийэн анньыынан шариктары тэьиэхтээхэтэр, 30 сокуундэ иьигэр ким тоьо элбэги тэспитинэн тумук таьаарыллар.

– Иккиьинэн «муус ылыыта». Онно биьиэхэ сымна5ас туорт муннук быьыылаах мат наада уонна быа.  О5олор 6 миэтирэ ыраахтан суурэн тиийэн сымна5ас мааты баайаллар уонна соьон а5алаллар. Тумугэ ким тоьо тургэнник мууьу соьон агалбытынан быьаарыллар.

– Усуьунэн «чуукка быра5ыыта». Онно биьиэхэ бэйэ оноьуллубут чуукка меката наада. О5олор 6 миэтирэ ыраахха олорон аата чууккаларын иннин диэки икки илиилэринэн быра5аллар. Ким тоьо ыраах бырахпытынан тумук быьаарыллар.

– Тордуьунэн «Куоба5ы бултааьын». Онно биьиэхэ бэйэ оноьуллубут куобак макеттара уонна икки мээчик наада. О5олор 4 миэтирэ ыраахха чохчойон олорон аата куобахтарын сыаллаан быра5аллар, иккитэ тохтуруйэн быра5аллар. Ким хас куоба5ы суулларбытынан тумук быьаарыллар.

– Бэсиьинэн «Балыктааьын». Онно биьиэхэ улахан кэтиттээх обруч, бэйэ оноьуллубут оголорго соптоох куогу уонна балык макеттара наадалар. О5олор 6 миэтирэ ыраахтан 30 сокуундэ иьигэр суурэн тиийэн куогунэн балыктарын хаптараллар. Ким хас балыгы хаптарбытынан тумук быьаарыллар.

– Алтыьынан «Ботууктэьии». Онно биьиэхэ улахан размердах обруч наада. О5олор иккиэ буолан обруч иьигэр биир атахтарыгар тураллар илиилэрин кулуустуу туталлар уонна бэйэлэрин уотэлэьэллэр, ким бастакы ата5ын туьэрбит (обруч иьиттэн таххыбыт) туораан иьэр, хоппут туран хаалар атын огону кытта сал5ыы курэхтэьэр. Тумугэ о5о хас о5ону хоппутунан быьаарыллар.

– Сэттиьинэн: дьууллуур субэбит тумук тааьарар бириэмэтигэр, биьиги обугэлэрбит оонньуутун мунхалааьын диэн оонньууну оонньуоххайын.

Центр дистанционных мероприятий “Пора роста” – это цифровая образовательная экосистема, с большим набором сервисов для учителей, учеников и их родителей.