Проект “Өбугэлэрбит оонньуулара билинни кэмнэ”
Петрова Любовь Егоровна,
воспитатель,
Частное дошкольное образовательное учреждение “Беби Сити”,
Республика Саха (Якутия), город Якутск
Киирии тыл.
Обугэлэрбит былыр былыргыттан иллэн кэмнэрин оонньоон-корулээн атааралларын собулууллэрэ.Кыьыммыт кылгас куннээх,уьун тууннээх буолан куну-дьылы кылгатаары оонньуу арааьын тэрийэллэрэ.
Билинни кэмнэ обугэ угус оонньуута умнуллубут, ол иьин бу оонньуулары соргутэн о5олорго уорэтэргэ сорунан маннык проект суруйарга сананныбыт.Проекпытын сахалыы халандаарынан сирдэтэн суруйдубут.
Темата: «Обугэлэрбит оонньуулара билинни кэмнэ».
Сыала:Обугэлэрбит оонньууларын о5олорго билиьиннэрии.
Соруктара:
1.Обугэ оонньууларын нонуо о5о этин- хаанын сайыннарыы,чэбдигирдии.
2.О5ону кыра сааьыттан чол олоххо иитии.
3.Чол олохтоох,чэгиэн-чэбдик доруобуйалаах,утуо санаалаах буоларга уорэтии.
4.Тороппуттэри кытары улэни кууьурдуу,оскуола алын кылааьын о5олорун кытары ситимнээх улэни ыытыы.
Улэ коруннэрэ:анкета толотторуу, курэхтэьиилэр,аралдьыйыылар,быыстапкалар,экскурсиялар.
Былааннанар тумук: о5олор оонньуу быраабылатын тутуьан бэйэлэрэ оонньуулларын ситиьии,дьиэ кэргэннэ, оскуола о5олоругар обугэлэр оонньууларын сырдатыы, оонньууга ко5улээьин.
ыйдар Ый бэлиэлэрэ оонньуулар Тороппуту кытта улэ
Алтынньы ый-хотой айыы.Айыыны чугаьатар кэм. Бастакы хаар,муус тонор,кыстыкка киирии. «О5устар харсыьыылара». Анкета толотторуу
Сэтинньи ый-Байанай ыйа.Байанайы чугаьатар кэм,булчуттарга алгыс. Мунха кэмэ,идэьэ кэмэ. «Мунхалааьын», «Ойбонтон уулааьын», «Таба тыыныы-доруобуйа тордо» тороппуттэргэ субэ. «Байанай дьоро киэьэтэ» хаартыска быыстапката, а5алар «Булт абылана бэсиэдэ».
Ахсынньы ый-Билгэ хаан ыйа.Билгэ хаан чугаьыыр ыйа. Аам даам тымныы туьэр,кун кыьынны туруута са5аланар,харана кууьуруутэ бутэр. «Сыалыьардааьын» , «Ойбону коьоруу». Тороппуттэри кытары курэхтэьии, тороппуттэргэ саахымат кобуор тиктэрии.
Тохсунньу ый-танха ыйа.Орто дойдуга айыы уота туьэр. Танхалааьын, билгэлээьин ыйа,томороон тымныылар туьэллэр. «Тобук таайсыыта», « Харда5ас охторуута», «Этэрбэс хаамтарыы», «Тобук тардыьыыта» А5аларга талах олоппос онотторуу, «Танха дьоро киэьээтэ» ыытыы.
Олунньу ый-одун хаан ыйа.Одун хааны чугаьатар кэм. Хаар, тыал туьуутэ « Харах симсии», «Бэгэрчэктэьии». «А5ам уонна мин» курэхтэьии. «А5а дойдуну комускээччилэр» хаартыска быыстапката.
Кулун тутар-дьоьогой ыйа. Бастакы таммах,хаар хараарар,тулук кэлэр,хайыьар,хатыыска са5аланар. «О5уруо тиьээьинэ», «Суьуох оруу». «Ат суурдуутэ». А5аларга мас ат онотторуу,ийэлэри кытары курэхтэьии ыытыы.
Муус устар-айыыьыт ыйа.Айыыьыты чугаьатар кэм. Чалбах тахсар,котор кынаттаах кэлиитэ. «Мэкчиргэлэр уонна куорэгэйдэр», «О5ус уонна чоночок», «Балыксыттар уонна балыктар» Оскуола5а тахсан алын кылаастары кытары корсуьуу тэрийии.Курэхтэьии «Дул5алаах сиринэн ыстаныы».Тороппуттэргэ дул5алары онотторуу.
Ыам ыйа-иэйэхсит ыйа. Иэйэхсит чугаьыыр кэмэ.Арчыланыы, ыраастаныы,сиэр-туом. Ньургуьун тыллыыта,хатын сэбирдэ5э тыллар,кэ5э этиитэ,бастакы этин. Таьырдьа тахсан оонньооьун. «Атаралаан сууруу», «Кыаьыланыы», «Онхой охторуута», «Ат суурдуутэ». Оскуола алын кылааьын кытары курэхтэьии,тыа5а экскурсия.