– Учуутал идэтигэр туох ыарахаттарар көстөллөр?
– Үлэҕин, дьиэҕин-уоккун, сөбүлүүр дьарыккын хайдах дьүөрэлиигин?
– Дуоһуйуу хантан кэлэрий?
… уонна да атын олус интириэһинэй ыйытыктарга, Аан дойду дьахталларын күнүн көрсө, Үөhээ-Дьааҥы улууһун Элгэс орто оскуолатын учуутала Рожина Людмила Васильевна эппиэттээтэ.
– Ханнык кэмҥэ уччутал буолуохпун баҕарабын диэн санаа кэлбитэй?
– Алын кылааска үөрэнэ сылдьан, ийэбэр оскуолаҕа наар көмөлөһө барсарым. Ийэм кылаастары сууйар кэмигэр, кылааска ыйанан турар кылаас муннуктарыгар туох сурулларын сэргии көрөөччүбүн. Ордук ким төһөнү аахпытын, ким туох ситиһиилэммитин… Үөрэнэн бүтэн, иккис сменаҕа оҕолор үөрэнэллэрин, учуутал тугу кэпсиирин истэрим уонна дьиэбэр кэлэн, ыаллыы оҕолору, бырааттарбын- балыстарбын ыҥыран “учууталлыыр” буоларым. Тэтэрээт сурунааллаах, кыһыл уруучукалаах буоларым. Сыана туруорарбын астынарым. Хата оҕолорум үөрэ-көтө оонньооччулар. Төрөппүттэр да үөрээччилэр. Ити курдук алын кылаас учууталларын сорох ньымаларын туттан, учуутал идэтигэр интэриэс үөскээбитэ.
– Учуутал буолар диэн эйиэхэ туох суолталааҕый?
– Учуутал идэтэ олус интэриэһинэй эрээри, олус эппиэтинэстээх уонна ыарахан. Кэнчээри ыччакка билиини биэрии эрэ буолбатах, үтүө киһини иитэн таһаарыы буолар. Учууталтан ыччаппыт инникитэ эмиэ тутулуктаах. Бу олус сыралаах үлэ. Учуутал куруук бэйэтин сайыннара сылдьыахтаах, бэйэтин кытта элбэхтик үлэлиэхтээх. Ону таһынан куруук киһи киһитэ, эйэҕэс, дьону өйдүүр буолуохтаах уонна онно үөрэтиэхтээх.
– Учуутал идэтигэр туох ыарахаттарар көстөллөр?
– Саамай ыарахан учуутал идэтигэр -куруук туох эрэ саҥаны билэ, бэйэҕин сайыннара сылдьыахтааххын. Идэҥ таһымын тупсара туруоххун наада. Биир сиргэ олорбокко. Ханнык да балаһыанньаҕа бэйэҕин хонтуруоллана, тулуурдаах буоларга дьаныһыахтааххын. Сыыһалартан, үөскээбит проблемалартан куттаммакка. Киһи сыыһаларыттан үөрэнэр. Учууталтан күн аайы саҥаны, үтүө сүбэни эрэйэллэр.
– 2023 сыл Педагог уонна настаабынньык сыла буолар. Эн олоххор ким сабыдыаллаабытай? Настаабынньыгын ким буоларый?
– Мин учуутал буоларбар бастакы учууталым Валентина Иннокентьевна Сыроватская уонна миигин үөрэппит учууталларым улахан оруоллаахтар. Оскуолаҕа үөрэнэ да сылдьан, “Будущий учитель” диэн куруһуокка дьарыктаммыппыт. Онно уопуттаах учууталлар уруоктарыгар сылдьарбыт, көмөлөһөөччү да буоларбыт. Ол кыра кылаастан саҕалаан алын кылаас учуутала буолуом диэн бигэтик быһаарыммытым. 1985 сыллаахха оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы 1 №-дээх педагогическай училищеҕа үөрэммитим. 1987 сылтан алын кылаас учууталынан үлэлиибин. Бастаан Элгэскэ үлэлии кэлэрбэр оскуолам директора Лидия Тихоновна Васильева сүбэ-ама биэрэрэ. Наставнигынан завуч Надежда Константиновна Бурцева этэ. Кини уруоктарбар сылдьан, анализтыыра, сүбэлиирэ айымньылаах үлэбэр көмө буолбута. Билиҥҥээҥҥэ диэри истиҥник саныыбын. Кэлин үөрэхпин үрдэттибитим. 36 сыл биир үлэҕэ үлэлиибин, үлэбин олус таптыыбын.
– Билигин оскуолаҕа иитии үлэтин күүһүрдүөххэ наада дииллэр. Оҕону иитии туһунан туох дии саныыгын?
– Иитии, биллэн турар, дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Оҕо оскуолаҕа киирэригэр номнуо иитиини дьиэтигэр, уһуйааҥҥа ааһан кэлэр. Оскуолаҕа эмиэ, биллэн турар, иитиигэ улахан болҕомто ууруллар. Хас биирдии уруок, дьарык, тэрээһин иитэр суолталаах. Оҕо дьиэтигэр эмиэ дьиэ кэргэн иитиитин барар. Манна учуутал сибээстээхтик, уопсай тылы буларга үлэлэһиэхтээх. Икки өттүттэн өйдөһүү баар буоллаҕына эрэ, оҕо учууталы да, төрөппүтүн да кытта үчүгэйдик алтыһыа. Иитиибит сөпкө барыа.
– Оҕоҕо сөптөөх сыһыаны хайдах булаҕыный?
– Хас биирдии оҕо бэйэ бэйэлэригэр маарыннаспат, туох эрэ уратылаах. Ону учуутал таба көрүөхтээх. Ол иһин хас биирдии оҕоҕо болҕомто уурабын, кэтээн көрөбүн. Оҕолору кытта сыһыан истиҥ, эйэҕэс буолуохтаах. Барыларыгар биир тэҥник сыһыаннаһабын. Кыра оҕо да буоллар, барыны өйдүүр. Уопсай дьарык кэнниттэн, переменаҕа да буоллун, таһырдьа да буоллун куруук кэпсэтэбин. Оҕо хайдах турукка сылдьарын билээри. Уопсай тылы буллахха, үлэҥ үтүө түмүктэрдээх буолар.
– Оҕону хайдах мотивациялыахха, интэриэһиргэтиэххэ сөбүй?
– Оҕону, бастатан туран, интэриэһиргэтиэххэ наада. Интэриэс үөскээтэҕинэ, оҕо умсугуйуо, мотивацияланыа. Холобур, “Уруучука туһунан тугу билэҕит?”- диэн оҕолортон ыйытабын. Тугу билэллэрин эппиттэрин кэннэ, уруучуканы коллекциялыыр дьиэ кэргэҥҥэ илдьэбин. Оҕолор уруучука арааһын көрөн, дьэ соһуйуллар, сөҕөллөр. Дьэ интэриэс үөскүүр. Билэр-көрөр баҕалара улаатар. Ити курдук боростуойтан интэриэс үөскээн тахсар. Ону сөпкө көрөн, араас ньыманы туттуохха сөп.
– Билиҥҥи оҕолор олох иллэҥэ суохтар: телефоҥҥа оонньуу, араас куруһуоктар, репетитордар. Хайдах оҕолору араас конкурстарга, олимпиадаларга кыттарга көҕүтэҕиний?
– Оҕо сааһыгар сөптөөх, интэриэһин учуоттаан араас олимпиадаларга, чинчийэр үлэҕэ кытыннарыахха сөп. Мин практическай хабааннаах дьарыгы ыыттахпына ордук сөбүлүүллэр. Опыт оҥороллорун оҕо бары сөбүлүүр. Ол онтон интэриэс үөскүүр. Биир оҕо интэриэһиргээтэҕинэ, иккис оҕо оҕоттон интэриэһиргээн эмиэ кыттыан баҕарар. Бастаан оҕо тугу сөбүлүүрүн, тугунан интэриэһиргиирин билэн баран, дьэ араас олимпиадаларга, кыра бырайыактарга, чинчийэр үлэҕэ кытыннарыахха сөп. Оҕолор бэйэлэрин оҥорбуттарын, суруйбуттарын ордук астыналлар. Билигин интерактивнай онлайн-олимпиадалары ордук сэргииллэр. Олимпиада сорудахтара интэриэһинэй буоллаҕына, оҕо олимпиадаларга кыттыан баҕарар күүһэ улаатар.
– Бу эн араас дьаһалларга кыттаҕын, эбиитин сотору-сотору үөрэнэҕин, квалификацияны үрдэтинэҕин – ити барыта учуутал үлэтин толоро сылдьан. Хайдах барытын ситиһэҕин?
– Оскуолаҕа үлэлээбитим номнуо 36 сыла. Идэбин олус таптыыбын. Бу сыллар тухары үлэбин, дьиэбин-уоппун, сөбүлүүр дьарыкпын хайдах дьүөрэлиибин? Учуутал үлэтэ бүппэт. Дьиэҕэр кэлэн, сынньана түһэн баран эмиэ сарсыҥҥы үлэҕин былаанныыгын. Дьиэҕэр эмиэ түбүккүн үмүрүтэ түһэҕин, сөбүлүүр дьарыккынан дьарыктанаҕын. Бу маны барытын күн аайы сөптөөхтүк дьүөрэлээтэхпинэ, олохтон дуоһуйууну ылабын.
– Дуоһуйуу хантан кэлэрий?
– Үлэм түмүктээх буоллаҕына. Эбэтэр тапталлаах дьарыкпынан дьарыктаннахпына, настарыанньам көтөҕүллэр. Эбэтэр дьиэ кэргэммин кытта бииргэ сынньаннахпына, дууһам үөрэр. Эбэтэр айылҕалыын алтыстахпына, чэбдигирэ түһэбин. Эбэтэр кэрэ эйгэтигэр уйдардахпына, уоскуйан хаалабын…
– Эдэр учууталларга туох сүбэтин бириэҥ этэй?
– Учуутал үлэтэ ыарахан эрээри олус интэриэһинэй. Оҕолору таптаа, ыарахаттартан толлума. Иннин диэки баран ис.
– Төрөппүттэргэ туох сүбэтин тиэрдэҕин?
– Күндү төрөппүттэр, оҕолоргутугар болҕомто ууруҥ, элбэхтик бииргэ сылдьыҥ, иллэҥ кэмҥитин туһалаахтык бииргэ атаарыҥ!
Үөhээ-Дьааҥы улууһун Элгэс орто оскуолатын учуутала Рожина Людмила Васильевна.
Для отправки комментария необходимо войти на сайт.