Сценарий конкурса “Ыллаа-туой, оҕо саас”
Николаева Валентина Павловна,
учитель начальных классов,
МБОУ “1 Хомустахская СОШ имени Д. Ф. Алексеева”,
Республика Саха (Якутия), Намский улус, с. 1 Хомустах
Фанфар тыаһыыр, сцена кэтэҕиттэн хоһоон иһиллэр:
Дьиҥнээх ырыа диэн тугуй?
Ырыа — сүрэх төлөнө,
Ырыа — санаа көҥүлэ.
Ырыа тоҕо үөскүүрүй?
Дьон сүрэҕэр тапталы,
Дуолан дохсун санааны,
Дьолу, күнү, чаҕылы
Кымыс курдук кутаары,
Ырыа үөскүүр ылланаары.
Дуэт толоруутугар « Таптаатым музыка тойугун», Иван Туласынов тыллара.
1 ыытааччы: Үтүө күнүнэн, күндү оҕолор, төрөппүттэр уонна ыалдьыттар.
2 ыытааччы: Оскуолабытыгар кылаастар икки ардыларыгар ыытыллар «Ыллаа-туой, оҕо саас» күрэхпитин саҕалыырбытыҥ көҥүллээҥ!
1 ыытааччы:
Саха оҕуhун мииннэ да, ырыаhыт, оhоҕун иннигэр олордо да, олоӊхоhут – диэн мээнэҕэ эппэттэр.
Биhиги да оҕолорбут онтон хаалсыбаттара буолуо.
2 ыытааччы:
Онон күрэхпит кыттыылаахтарыгар ситиhиини баҕаран туран, бүгүҥҥү дьүүллүүр сүбэни кытары билиһиннэрэбитин көҥүллээҥ:
1 ыытааччы:
___________________________.
2 ыытааччы:
____________________________.
1 ыытааччы:
____________________________.
2 ыытааччы:
____________________________.
____________________________.
1 ыытааччы:
Үөрэнэр кыһам миэнэ-
Олоҕум маҥнайгы хардыыта,
Үтүөҕэ баҕарар баҕам,
Дьолум бастакы сардаҥата!
2 ыытааччы: Сценаҕа ытыс дохсун тыаһынан көрсүөххэйиҥ кырачаан кыттааччыларбытын, бастакы кылаас коллективын, кылаас салайааччыта _____________ (1 кылаас).
(Песня о школе. Музыка Д. Кабалевского, слова В. Викторова)
2 ыытааччы: Ытыс дохсун тыаһынан көрсүөҕүҥ! 2А кылаас үөрэнээччилэрин, кылаас салайааччыта ____________________.
(Солнечный круг. Слова Л. Ошанина. муз. А. Островского)
1 ыытааччы:
Сайыны быһа чуҥкуйбут
Кылаастарыҥ, көрүдүөрүҥ
Чуораан тыаһынан кылыгыраата,
Кирилиэһиҥ устун оҕо-аймах
Сүүрэн көрүлүү айдаарда!
2 Б кылаас толоруутугэр «Чугдаарыйар чуораанчык», кылаас салайааччыта__________________.
1 ыытааччы:
Ыҥырабыт! 3А кылаас үөрэнээччилэрин, салайааччы ____________________.
(Дважды два-четыре. Слова М.Пляцковского, муз. В. Шаинского)
2 ыытааччы: Сценаҕа көрсүҥ 3Б кылаас хорун, кылаас салайааччыта _____________.
(Учат в школе. Слова М.Пляцковского, муз. В. Шаинского)
1 ыытааччы:
Көрсүөххэйиҥ 4 А кылаас үөрэнээччилэрин, кылаас салайааччыта _______________.
(Дружат дети всей земли. Слова В. Викторова, муз. Д. Львова)
2 ыытааччы: Сценаҕа ыҥырабыт 4Б кылаас хорун, кылаас салайааччыта _______________.
(Настоящий друг. слова М. Пляцковского, мел. Б. Савельева)
1 ыытааччы:
Үлэҕэ-үөрэххэ кыттыһан
Ыччаттар үгэһи салҕыыллар.
«Учуутал убайга»-махтанан
Эҕэрдэ тылларын ыыталлар.
Биир үктэли дабайан, улахан оскуола аанын арыйбыт 5 кылаас үөрэнээччилэригэр ытыс дохсун тыаһын бэлэхтиэҕиҥ! Кылаас салайааччыта___________________.
(Оскуолабар. В.Егоров мел., Л. Полякова тыл.)
1 ыытааччы: Ыҥырыаххайын! 6 А кылаас үөрэнээччилэрин, кылаас салайааччыта __________________.
(Оҕо-оҕо эрдэххэ. А. Софронов тыл.)
2 ыытааччы:
Элбэх оҕону үөрэтэн
Эгэлгэ билиини биэрдиҥ,
Олук кирилиэс уурталаан
Олох суолугар атаардыҥ.
Көрсүҥ, 6 Б кылаас үөрэнээччилэрин. Кылаас салайааччыта ______________.
(Эҕэрдэ, оскуолам. Е. Неустроев-Тулуйхан)
1 ыытааччы:
Кэрэҕэ, ырааска угуйа
Тураҕын оскуолам барахсан.
Астына киирэбин үөрэнэ,
Билиибин элбэтэ, хаҥата.
Көрсүҥ! 7 кылаас үөрэнээччилэрин, кылаас салайааччыта ________________.
(Мин оскуолам)
2 ыытааччы:
Өйдүүр – саныыр буолуохтааххыт
Хайдах курдук үөрэн – көтөн,
Дьоҥҥутунуун сиэттиһэн
Сибэкки дьөрбөтө тутуурдаах,
Оскуолаҕа киирбиккитин.
Эһиги иннигитигэр 8 кылаас үөрэнээччилэрэ. Кылаас салайааччыта _______________.
(Оҕо саас. Айтал Слепцов)
1 ыытааччы:
Бүгүн бары түмсэммит
Барҕа махтал этэбит.
Араас сиртэн мустаммыт
Алгыс тылын аныыбыт.
Ыҥырабыт! 9 кылаас коллективын. Кылаас салайааччыта ________________.
(Эҕэрдэ, оскуолам. Е. Неустроев-Тулуйхан)
2 ыытааччы: Көрсүөҕүҥ 10 кылаас үөрэнээччилэрин. Кылаас салайааччыта_______________.
(Доҕотторбор. Арыйаан)
1 ыытааччы:
Ырыа киһи-аймах аргыһа,
Ырыа бэлэм барыга!
Ырыа иэйии-санаа харыһа,
Ырыа — олох аргыһа!!!
Музыкальная викторина “Угадай мелодию”.
Фанфар тыаһыыр.
2 ыытааччы:
Болҕойуҥ! Болҕойун! Болҕойуҥ!
1ыытааччы: Үөрүүлээх түгэн саамай долгутуулаах чааһа үүннэ. Сценаҕа ыҥырабыт дьүүлүүр сүбэни (ытыс тыаһа).
Дьүүллүүр сүбэ түмүгү иһитиннэрэр.
2 ыытааччы: Убаастабыллаах көрөөччүлэр, баҕарабыт эһиэхэ сахабыт сирин алмааһыныы кытаанах доруобуйаны, саппаҕырбат ыра санааны, үөрүү-көтүү аргыстаах уһун дьоллоох олоҕу.
1 ыытааччы: Махталбытын тиэрдэбит ытыктабыллаах дьүүллүүр сүбэҕэ, бары күрэх кыттааччыларыгар.
2 ыытааччы: Бүгүҥҥү тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыттыла:
- ____________________
- ____________________
1 ыытааччы: Болҕомтоҕут иһин баһыыбаларын!