“Космоска айан” (саҥа дьыллааҕы сценарий)

Данилова Валентина Васильевна, воспитатель, МБОУ "Оросунская СОШ", Республика Саха (Якутия), Верхневилюйский улус, с. Оросу

“Космоска айан” сана дьыллааҕы утренник сценарийа

 

Данилова Валентина Васильевна,
воспитатель,
МБОУ “Оросунская СОШ”,
Республика Саха (Якутия), Верхневилюйский улус, с. Оросу

 

Сана дьыллааҕы көрдөөх музыканан оҕолор (үрүҥ эһэ, пингвин, сулус мааска буолан, хамсаныы онорон, киирэн олороллор. Иитээччи космонавт танастаах киирэн кэлэр:

  • Дорооболорун, мин бу хотугу муустаах муораҕа тиийэн кэллим. Бааллар эбит манна уруҥ эһэлэр (далбаатан дорооболоһоллор). Уруҥ эһэлэр ойуур эһэлэригэр майгынныыллар, ол эрэн кинилэр улахан буолаллар, ууну себулууллэр. Өссө кетердергө киирэллэр эрээри көппөт – пингвиннэр бааллар. Туран көрдөрүнҥ эрэ, кынаккытын сапсынын. елкаҕыт эчи кырасыабайын! елкабыт уотун уматыаҕын эрэ “Раз, два, три! Ёлочка гори!”. (Итинник устэ этэллэр, елка уота умайар). Елка туьунан хоьооннорун ааҕаллар (монтаж).

“Чаҕылый, чаҕылый” ырыа ыллыыллар.  Инопланетянин киирэр Привет, земляне. Мин атын планетаттан эьиэхэ кэллим. Эьиги хайдах сана дьыллыыргытын билиэхпин ба5арабын. Ой, бу тугуй? Елка! Уоттаах, арааската тыыттахха эстэрэ буолуо. Биьиэхэ маннык суох. Эьиги кимнээххитий, билсиһиэххэйин.

Ыытааччы: Пингвиннэр, үрүҥ эһэлэр, муустаах муора олохтоохторо себулуур астара тугуй саамай сеп-балык. Хата билигин оонньуоҕуҥ. Тегуруччу туруоҕун. Музыка тыаһыыр кэмигэр балыгы бэйэ бэйэбитигэр бэрсиьэбит. Музыка тохтоото5уна, тутан хаалбыт оҕо баран миэстэтигит олорон иьэр.

Ыытааччы: Оҕолоор, Дед Моруоспутун ынырыаҕын. Дед Моруос, Дед Моруос Дед Моруос.

Дед Моруос киирэр.

  • Сана Дьылынан! Сана Дьолунан! Дорооболорун, о5олоор. Оо, оҕолорум барахсаттар улааппыттарыын, эчи кыраһыабайдарыын. Миигин кууттугут ини?  Ээ елкаҕытын киэргэппиккит, уоттаабыккыт, олус учугэй.

Ыытааччы: Дед Моруос, хайдах айаннаан кэлиин? Билсиһэн кэбис- ыалдьыппытын кытта билсиһэн кэбис, кини атын планетаттан кэлбит инопланетянин, эйигин кытта до5ордоьуон ба5арар. Сана дьыл туһунан билиэн баҕарар.

ДМ: Олус учугэй, биһигини кытта хата сана дьыллаа. чэйин, елка тула хороводтуоххайын. “Сана дьыл кэллэ” хороводнай ырыа

Моруос: дьэ манна олоруом,  тугу бэлэмнэммиккитин кердерун.

Ункуулэр урун эһэлэр, пингвиннэр.

ДМ: оҕолорум олус учугэйдик ункуулууллэр эбит.

Ыытааччы: аны билигин ДедМ туьунан теье биэр эбиккитин билиэхпит. Оонньуу “Кричалка”

Инопланетянин: Дед Моруос саамай главнайдара эбит. Биһиэхэ маннык моруос суох, онон Моруоһу илдьэ барабын эбит. (Уот умуллар, космическай музыка тыаьыыр)

Дед Моруос мин ханна да барсыбаппын диэн эрдэҕинэ,

Инопланетянин:

  • Замри! (ДМ тонон хаалар). ол эрэн ДМ манна баппат эбит. Оччоҕо мин кинини приборбунан кыччатабын. (инопланетянин приборунан тутта5ына, ёлка диэки барар уонна чохчойо чохчойо, кылааска киирэрэ). ДМ кыччаата Чэ сатанна, ДМ маннык кыра буолла, эьиги тар6аьын, дьиэ5итигэр барын, Сана Дьыл буолбат. Покаларын, оҕолоор, планетабар сана дьыллыы бардым. (кылааска киирэр).

Ыытааччы: ОО ДМ илдьэ бардылар, дьэ хайдах буолабытый? Мин биллим, инопланетянин ДМ посо5ун хаалларбыт, ону илдьэ космоскка ДМ кердуу барыа5ын. Ким барсар? Ол эрэн ким барсыан ба5арар устэ ытыьын таьынар. Хорсун, куттаммат о5о ата5ынан устэ муостаны тонсуйар. Дьэ учугэй, бары хорсун эбиппит. Бары барабыт. Учугэйдик олордубут. Ремень безопастности иилиннибит. 10-тан тептеру аа5абыт. 10,9,8,7,6,5,4,3,2,1,0  Слайда кестер

Сиртэн кетен таыстыбыт. Халлаан куйаарыгар сулустар, кутуруктаах сулустар- кометалар элбэхтэр. Өссө планеталар бввллвр. 8 планета баар дииллэр. Олору керуеххэйиҥ. Меркурий, Венера, Земля, Марс, Юпитер, Сатурн, Уран, Нептун….  Манна элбэх тыһыынчанан, миллионунан, миллиардынан сулустар бааллар. Оҕолоор, икки кэрэчээн сулустар биһиги диэки сырдыктык тыгаллар. Уҥкуу Сулустар. Сулустар биьиги суолбутун сырдаталлар. Оо инопланетянины буллубут.

Инопланетянин Ой, ой, ой. Эһиги тоҕо мана кэллигит. Мин эһигини манна ыҥырбатаҕым ээ.

Ыытааччы космонавт Дед Моруоспутун аҕал, кинини ыла кэллибит. Посоҕунан далбаатыыр. Инопланетянин эргий да эргий буолар. Сеп сеп мин биэриэм уонна кыра ДМ берэр.

Ыытааччы оҕолоор билигин эһиги көмөҕүт наада. Төгүрүччү туран эрэ Мин ДМ тиллиэн баҕарабын диибит уонна храхпытын симэбит. Дьиннээхтик симэбит, а то сатаныа суоҕа. Уоран көрбөппүт. Аптаах музыка тыаьыыр, ДМ улаатар:

ДМ оҕолорум барахсаттар хата миигин быһаатыгыт дии, мин наһаа үөрдүм.

Инопланетянин Оҕолоор уонна ДМ миигин бырастыы гыныҥ. Мин алҕаспын билинэбин.

ДМ сана Дьыл диэн бары саамай себулүүр бырааһынньыкпыт. Бырастыы гынабыт да

Билигин төптөрү детсадпытыгар барабыт.Космическай музыка тыаьыыр, слайда5а дс кестер

Ыытааччы: Детсадпытыгар кэллибит, бырааьынньыкпыт сал5анар _Ураааа!

ДМ: Аны билигин салгыы оонньуо5ун. Мин саамай себулуур оонньуум: “Заморожу”. Ессе биир оонньууну оонньуохпут,эьиги ейдеен истин Музыкальная игра “Заколдую”

ДМ дьэ оҕолорбун кытта хороводтаатым, ункуулээтибит, оонньоотубут,  оннооҕор космоска көтө сырытыбыт. Наһаа бэрткэ бырааһынньыктаатыбыт. Аны билигин тугу гынабын этэй? Подарок тунэтиитэ. Ээ сеп, сеп. Мин быйыл подарокпун пны атыннык биэриэм ди санаатым: быйылгыы подарогым маннык. (сулустары биэрэр).

Хомойуман, о5олоор, бу боростуой сулустар буотахтар-манна Луноходка биирдии биирдии кэлэбит уонна сулуспутун угабыт уонна подарокпытын ылабыт.

О5олор хоьоонаа5аллар:

Блестят на ёлке бусы

Хлопушки и звезда

Мы любим нашу ёлку

Да, да, да!

Дед Мороз весёлый

Седая борода,

Спасибо за подарки

Да.да.да!

Ейдуу-саныы сылдьар курдук хаартыскаҕа туһүөххэйиҥ.

Мин барар кэмим кэллэ, эьиил керсуеххэ диэри! Улаатын, этэннэ сылдьын! (тахсан барар).

Центр дистанционных мероприятий “Пора роста” – это цифровая образовательная экосистема, с большим набором сервисов для учителей, учеников и их родителей.