Ийэҕэ махтал. Кыра бөлөх оҕолоругар аналлаах сценарий.

Элякова Августина Николаевна, воспитатель, МБДОУ ЦРР-Детский сад №22 "Жемчужинка", Республика Саха (Якутия), город Якутск

Ийэҕэ махтал. Кыра бөлөх оҕолоругар аналлаах сценарий.

 

Элякова Августина Николаевна,
воспитатель,
МБДОУ ЦРР-Детский сад №22 “Жемчужинка”,
Республика Саха (Якутия), город Якутск

 

1 оҕо

Күнтэн

Күөх халлаан мичээрэр.

Күнтэн

Күөл үрдэ мичээрэр.

2 оҕо

Күнтэн

Сир сирэм мичээрэр.

Күнтэн сибэкки

Тэтэрэр.

3 оҕо

Күндү күн

Үтүө мичээригэр-

Мин ийэм

Мичээрэ тэннэһэр.

 

4 оҕо

Мама нас ласкает,

Солнце согревает.

Солнце, как и мама

Лишь одно бывает.

5 оҕо

Мама – солнышко, цветочек,

Мама – воздуха глоточек,

Мама – радость и смех,

Наши мамы лучше всех.

«Күн күбэй ийэҕэ махтал»

кыра бөлөх оҕолоругар аналлаах сценарий

Кыттааччылар:

Ыытааччы –

Куобах –

Саас –

Музыка тыаһыыр, оҕолор салага киирэн, олоппосторго олороллор.

Ыытааччы: Оҕолоор, көрүн эрэ наһаа киэргэммит, кыраһыабай салага кэллибит, ким билэрий бүгүн туох бырааһынньыгай ?

Оҕолор: Ийэлэр күннэрэ.

Ыытааччы: маладьыастар, оҕолоор эһиги бэлэмнит дуо бу үөрүүлээх бырааһынньыкка ?

Оҕолор : бэлэммит.

Ыытааччы: чэ оччогуна ийэлэрбитин, эбээлэрбитин хоһооннорбутунан, ырыаларбытынан эҕэрдэлиэҕин. Истин эрэ, оҕолоор ким эрэ ыллыыра иһиллэр дии

Ыллыы, ыллыы куобахчаан киирэн кэлэр

Куобах: Дорооболорун оҕолоор, олус да кыраһыабайдаргыт бүгүн, туох бырааһынньыга буоларый? (оҕолор эппиэттииллэр) Олус үчүгэй дии, мин эмиэ эһигини кытта бырааһынньыктыыбын дуо ?

Ыытааччы:  оҕолоор куобахчааны бырааһынньыкпытыгар ынырыагын уонна ырыата ыллаан иһитиннэриэгин

Ырыа «милая мамочка»

Оонньуу

Куобах: оҕолоор, олус үчүгэй ырыа ыллаатыгыт. Оҕолоор, ханнык дьыл кэмэй билигин. (оҕолор эппиэттииллэр)  Саас буолан мин эмиэ наһаа үөрэбин, тоҥорбун олус диэн сөбүлээбэппин.Саас күн уота күүскэ тыгар, миигин сылытар.  Оҕолоор, бүгүҥҥү бырааһынньыкпытыгар биһиэхэ сандал саас күүлэйдии кэллэ

Саас киирэр, саала тула эргийэр.

Саас: Дорооболорун оголоор, кырыа кыьын бутэн сандал саас мин тиийэн кэллим, эьиэхэ барыгытыгар кун салааьын агаллым.

Ыыттааччы : чэйин эрэ уолаттаар, куобахчаанна, сандал сааска анаан ункуулээн кердеруегун эрэ

Танкистар ункуулэрэ

Саас: олус учугэй уолаттар маладыастар, сотору улаатан дьиннээх солдат буолуохтара. Саас оссо биир кэрэ бырааьынньык буолар, ол ханнык бырааьынньыгый оголоор? (Ийэлэр куннэрэ).

Ыытааччы: чэйин эрэ оголоор, ийэлэрбитигэр анаан хоьоон ааган иьитиннэриэгин

Ийэгэ аналлаах хоьооннор

Оонньуу

Ырыа «Оо дьэ хаьан улаатабын»

Ункуу «паранан»

Ыытааччы: Оголоор, биьиги бугунну бырааьынньыкпытыгар сандал сааьы керустубут, агаларбытын уонна ийэлэрбитин эгэрдэлээтибит. Куобахчаан оголорбут улааппыттар дуо?

Куобах: оголор бары улаатан, олус учугэй бырааьынньыкка сырыттым, дуоьуйа оонньоотум, уердум.

Саас: саас оголоор, элбэхтэ таьырдьа  оонньоон, сыыртан сырылаан, сибиэьэй салгынна сиэн ессе улаатын.

Ыытааччы : куобахчаан уонна саас биьиэхэ кэлэн ыалдьыттаабыккытыгар махтанабыт.

Центр дистанционных мероприятий “Пора роста” – это цифровая образовательная экосистема, с большим набором сервисов для учителей, учеников и их родителей.