Иитии хайысхатыгар саҥа кэм көрүүлэрэ
Старостин Владимир Николаевич,
учитель начальных классов,
МБОУ “Дулгалахская СОШ им. И. И. Котельникова”,
Республика Саха (Якутия), Верхоянский улус, с. Томтор
Былыр-былыргыттан оҕо улахан киһини ытыктыы үөрэниитигэр улахан суолта уонна болҕомто ууруллара. Оҕону олох кыра сааһыттан этигэр-хааныгар иҥэрэн, улахан дьону убаастыыр, ытыктыыр гына иитэллэрэ. Ол кэнэҕэс, улахан киһи буолан олох суолугар үктэниитигэр, быһаарар суолталаах буолара. Ол курдук тэҥнээхтэрин, аймахтарын, төрөппүттэрин, туора да дьону убаастыы-ытыктыы үөрэтии билигин хаһааҥҥытааҕар да күүскэ туруоруллуох кэриҥнээх. Киһини ытыктыы үөрэммит оҕо олоххо ойуччу бэлэмнээх, итэҕэллээх кэлэр, табаарыстарын, доҕотторун, дьону кытта уопсай тылы түргэнник булар, кыһалҕаларын таба өйдүүр.
Дьон киһини ытыктыыр киһини убаастыыллар, харыстыыллар, күүс-уох угаллар, сүбэлииллэр, үөрэтэллэр, үөрүүнэн истиҥник кэпсэтэллэр. Ол эбэтэр, киһини ытыктыыр киһи элбэх истиҥ доҕоттордоох буолар. Оннук оҕо бэйэтиттэн кыралары атаҕастаабат, кими баҕарар кытары эйэҕэстик дорооболоһор, сорох оҕолор сыыһа-халты туттунууларын, быдьар тыллаһыыларын сэҥээрбэт, үтүктүбэт, үгүс түбэлтэҕэ буойааччы буолар. Улахан дьону, учууталларын кытары баайсыбат, тыл бырахсыбат буола улаатар. Итинник иитиллэн тахсыы үгүс түбэлтэҕэ дьиэ кэргэҥҥэ иитии түмүгүттэн, төрөппүттэр оруолларыттан тутулуктаах.
Олохпут саҥа саҕахтары арыйан, иитии да өттүгэр олохсуйбут балаһыанньаттан ураты саҥа көрүүлэр үүнэ тураллар. Холобур, ааспыт үйэҕэ төрөппүт оҕону үчүгэйдик иитэргэ дьулуһар эбит буоллаҕына, аныгы үйэ киниттэн салайан эрэ биэрэрин ирдиир. Төрөппүт салайыыта мөлтөөтөҕүнэ, оҕо булкуллар, киниттэн туох ирдэнэрин өйдөөбөт түгэнэ үүнэр. Онон иитиини ылынар ситимэ мэлийэр, улахан киһиэхэ эркин кэриэтэ эрэнэрэ күн аайы эстэр диэки көрүүлэнэр. Оҕо санаата-оноото сатарыйар. Ис туруга бытааннык да буоллар, алдьанар суолу батыһар, онтон сылтаан «төрөппүт уонна оҕо», «улахан киһи уонна оҕо» икки ардыгар кэтит истиэнэ турарын кэриэтэ ыарахан өйдөспөт кэмнэр саҕаланаллар. Урут улахан дьон ону оҕо улаатан уларыйар кэмэ диэҥҥэ көһөрөллөр этэ. Билигин ити балаһыанньа наукаҕа уларыйар хайысханы ылынан эрэр. Ылан көрдөххө, киһи улаатан истэҕин аайы ис туруга тупсан, бэйэни салайыныыта сатарыйар киэби ылыммакка, сайдар суолунан баран иһиэхтээх, билэрэ-көрөрө, алтыһар эйгэтэ кэҥээн, сигилитэ сиэдэрэй гына силигилиир кэмэ үүнүөхтээх. Ону баара үнүгэс кэриэтэ саҥа үүнэн эрэр оҕону сайыннарар оннугар «уларыйар сааһын чугаһаата, дьэ төһө эрэ эрэйдиигин» диэн сорох төрөппүт эрдэттэн оҕотун «программалыыр» уонна ол кэми оҥостон олорон кэтэһэр. Улаатан иһэр оҕо ол сыллары «түктэри өттүгэр көһөр сылларым» диэн иһигэр сэмээр күүтэр. Оскуолаҕа даҕаны эмиэ маннык балаһыанньаны тутуһаллар, учуутал үгүс өттө салгыы «ол сааскыт чугаһаата, төһө эрэ эрэйдииргит буолла» диэн иитэн-үөрэтэн иһэрэ ааһа илик.
Саҥа көрүүнэн бу сыыһа өйдөбүлгэ киирсэр. Онон ол кэми кэтэһэрбитин тохтотуох тустаахпыт. Сөптөөх салайыы баар буоллаҕына тоҕо киһи барыта биир суолунан баран иһиэхтээҕий? Кэтээн көрдөххө, ким эрэ тымтык сааһы кэбэҕэстик, тосту уларыйыы, эриллии-мускуллуу суолугар киирбэккэ ааһар. Чинчийэн, үөрэтэн көрдөххө олох холобурдара атыны көрдөрөллөр, уратыны ыйаллар. Элбэх киһи өйүгэр-санаатыгар олохсуйбут өйдөбүл көтөрүллэр кэмэ кэллэ.
Кэнники кэмҥэ, ол эбэтэр 20-с үйэ бүтүүтэ баһаам элбэх чинчийээччи (юрист, педагог, психолог уо.д.а.) иитии оттугэр ураты ойдобул уоскээбитин быьаараллар. Ол манныкка сытар. Ииитиини урукку оттугэр уксун икки хайысха быьаарар эбит буолла5ына (биир оттуттэн, улахан киьи иитиини соптоохтук салайара, иккис оттуттэн иитиллээччи ону ылынара), билинни кэмнэ соччо-бачча ойдоммот уьус орут отон та5ыста. Ол ис хоьооно, туох да биричиинэтэ суох дьону олоруу, эчэтии, кырбааьын, уоруу, талааьын уонна туохтаа5ар да кыьыыта диэн, туох буруйу онорбуту ойдообот, ылыммат буолуу баар буолла. Урут да5аны буруйу онорон баран билиммэт диэн баар буолла5а. Оттон билигин онорбуту сатаан быьаарбат диэн баар. Куьа5аны онорортон ким ба5арар кэмсинэр суола. Кэлинни кэмнэ туох да торуотэ суох буруйу оноруу элбээтэ. Буруйу онорон баран, быьаччы «бэйэм да билбэппинэн оннук тахсан хаалбыт» диэн быьаарыы а5ыйа5а суох буолла. Киьи бэйэтин онорбутун сатаан быьаарбат буолуута – бу иитии оттугэр сана костуу. Урут куьа5аны онорбуту ойдоон, тутатына билинэн, бырастыы гыннарарга дьулуьуу баар эбит буолла5ына, ол билигин мэлигир: «Оччо айылаах тугу гынным» диэн сана-инэ урутаан иьэр, эбиитин буруй улаханна ууруллубат буолла. Улахан да дьон оннук буолуохтаа5ын курдук ылынар. Туора киьини эчэтэн баран, сатаан быьаарбат буолуу эбэтэр тус бэйэ буруйуттан куотунуу уксээтэ. Буруйу онорбут киьини комускэьии эмиэ элбээбитин коробут. Тиьэ5эр ким да буруйа суох буолуута да5аны угус. Маннык костуу учугэйгэ тиэрдибэтэ биллэр. Алтыьар сир усулуобуйата киьиэхэ бэлиэ хаалларан иьэр. Тоьо да корсуо-сэмэй киьи онтон тутулуктанан моку оттугэр хайа ба5арар уларыйан биэрэр. Уопсайынан, олох туктэри оттун ылыныы тургэн буолла. Соптоох иитии суох тубэлтэтигэр коруох бэтэрээ оттугэр о5о улаатан киьи тылын истибэтэ элбиир, тоттору этэ сылдьара хойдор. Эбиитин улахан дьон туктэри быьыытын холобур оностор.
«До5орун кимин эттэххинэ, эн кимнин быьаарыам» диэн сыты этии билинни олоххо угустук соп тубэспэт. То5о итинник буоларый. Туора киьи хайдах туох толкуйдаа5ынан ол хоту атын киьини чуолкайдык кыайан быьаарыллыбат. Билигин киьи конуллук тыынар, тугу саныырын этикеты тутуьан этэр кыахтаах. Ааспыт уйэ5э «до5оргун эттэххинэ, эн кимнин» кэбэ5эстик быьаарар эбит буоллахха, бугун оннук табыллыбат. Хас биирдии киьи атын атыннык толкуйдуур, быьаарынар кэмигэр олоробут.
Ол эрээри, дьининэн, дьаьайсар тэрилтэлэртэн иитиини суруннуур куус бара ордук этэ. 90-с сыллардаахха диэри иитии туьугар кэмэ суох уоьэттэн ыйыы-кэрдии баар эбит буолла5ына, кэлинни суурбэччэ сылга иитии туьугар тыаьа-ууьа суох буолуу бэлиэтэнэр. Ол тумугэр улахан да дьон, о5о да бэрээдэк оттунэн сатарыйыыта биллэрдик кэнээтэ.
О5о теруе5уттэн учугэйгэ эрэ тардыьар аналлаах. Онуоха бол5омтотун тардыахха, учугэйи, куьа5аны араарарыгар уерэтиэххэ наада. Сынньар, кууьунэн еттейен кутун-сурун баттыыр олох сыыьа. Киьи быьыытынан убаастаан, бол5ойон истэн экпсэтэр наада. Киьини улэ эрэ киьи оцорор диэн наука этэр, олох бигэргэтэр. Кыра сааьыттан са5алаан кууьэ кыайар улэтигэр иитии – ол буолар тереппуттэр сурун соруктара.
Онон о5о инники дьыл5атыгар дьиэ кэргэн суолтатын, оруолун урдэтии сурун соругунан буолар. Чел туруктаах ыал – о5о ситэн-хотон, буьан-хатан тахсар бигэ эйгэтэ, дэгиттэрдик сайдар кыьата, олоххо оскуолата буолар.
Иитиигэ салайыы отто табыллыбыт буолла5ына, ханнык ба5арар кэм эриэ-дэхси ааьар.
Кыра о5о инники сайдыыта, кини атын дьону кытта бодоруЬуута дьиэ кэргэниттэн са5аланар. Кини дьиэтэ, дьиэ кэргэнэ киниэхэ бастакы оскуолата, учуутала буолаллар. Тороппуттэрин кытта кэпсэтэн, алтыЬан о5о тыла сайдар, дьону истэ, убаастыы уорэнэр, тулалыыр эйгэтин кытта билсиЬэн «учугэй-куЬа5ан»-диэни араара уорэнэр.