Хартыынанан улэ нөҥүө оҕо тылын саппааһын байытыы
Борисова Ульяна Васильевна,
воспитатель,
МБДОУ ЦРР-Детский сад №1 “Туллукчаан”,
Республика Саха (Якутия), Сунтарский улус, с. Сунтар
Биллиилээх педагог Константин Дмитриевич Ушинский этэн турардаах: «Оҕоҕо хартыынаны биэр, кини саҥаран барыаҕа» диэн.
Кырдьык даҕаны биһиги уһуйаан үлэһиттэрэ хас биирдии оҕоҕо тылын саппааһын байытыы, ситимнээх саҥатын, төрөбөүт төрүт тылын илдьэ сылдьан ыраастык, сөпкө саҥарарын ситиһии биир сүрүн сыалбыт буолар.
Хомойуох иһин билиҥҥи кэмҥэ кистэлэҥ буолбатах, оҕо тылын сайыннарыы проблема буолла, ол эбэтэр оҕолор ончу саҥарбаттар, сорохтор төрөөбүт тылларын атын тылы кытта буккуйан (нууччалыы-сахалыы) саҥарар буоллулар.
Биһиги, иитээччилэр бу кэми мүччү туппакка сөптөөх ньыма булан үлэ ыытыахтаахпыт.
Оҕо тылын, ситимнээх саҥатын сайыннарарга биир эффективнай ньыманан Хартыынаны ойуулаан -дьүьүннээн кэпсээһини ааттыахха сөп.
Хартыынанан үлэ көрүҥэ оҕо сааһын учуоттаан араас сыаллартан турар:
Кыра бөлөххө оҕолоругар сыала: тыл саппааһын байытыы, ситимнээх саҥаны сайыннарыы уонна хартыынаны көрөн олорон ыйытыктарга эппиэттээһин.
Орто бөлөххө: хартыынаны көрөн олорон кэпсииргэ угуйуу, ол эбэтэр иитээччи сирдэтэр ыйытыктарын көмөтүнэн хартыынаны хоһуйан көрүү.
Улахан бөлөххө: оҕолор хартыынаны бэйэлэрэ хоһуйуулара, кэпсээн оҥорон көрүүлэрэ. Хартыынанан кэпсээни саҕаланыытын уонна түмүгүн оҥорон көрүүлэрэ.
Бэлэмнэнии бөлөххө: хас да бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээстээх(3-4 буолуон сөп) хартыыналары кэпсээн көрүүлэрэ. Бастаан биир хартыынаны, салгыы иккис, онтон түмүккэ барытын холбоон кэпсээн керүүлэрэ.
Иитээччи ханнык ньыманы туһанара бэйэтин көҥүлэ. Ол курдук маннык ньымалар бааллар:
- Хартыынаны холбоһуктаах кэпсээһиннэрэ, ол эбэтэр бары көмөлөөн (иитээччи саҕалыыр, оҕолор салгыыллар). Холобур, Арай биирдэ олорбута эбитэ үһү …(оҕо салгыыр).
- Холобур көмөтүнэн кэпсээн. Манна учуоттуохтаахпыт: холобур оҥорор кэпсээн кылгас, сөпкө толкуйдаммыт, оҕо интэриэһин тардар буолуохтаах.
- Кэпсээн былаана. Манна хартыынаҕа сүрүн ыйытыктар киирэллэр. Ол ыйытыктарынан сирдэтэн оҕо кэпсиир.
- Схеманы туһанан кэпсээн оҥоруу уо.д.а.
Өссе биир интэриэһинэй ТРИЗ диэн ньыма баар. ТРИЗ диэн нууччалыыттант «теория решения изобретательских задач». Бу ньыманы суруйааччы, инженер уонна учуонай Генрих С. Альтшуллер уонна кини коллегалара толкуйдаабыттар.
ТРИЗ сүрүн соруга: оҕо толкуйдуур,бэйэтин төрүт тылынан саҥаран, ойуулаан кэпсиир дьоҕурун сайыннарыы уонна бэйэтин соругун , алҕастарын кэмчилээбэккэ, оптимальнай быһаарыыны түргэнник булунуута, ол эбэтэр огону бэйэтин билиигэ- көрүүгэ тардарга матыыптааһын буолар.
Бу ньыманан үлэни оҕо 3 сааһыттан саҕалаан ыытыахха сөп уонна аҥардас биир эрэ хартыынаны ылан араастык туһаныахха сөп.
Уһуйааҥҥа оҕону кытта сүрүн дьарыкпыт оонньуу буолар.
Онтон бу ньыма хас да түһүмэхтэртэн турар уонна барыта оонньуу нөҥүө барар.
Хас биирдии оонньуу сыала: оҕо тылын саппааһын байытыы, кэтээн көрөр, ойуулаан-дьуһуннээн кэпсиир дьоҕурун сайыннарыы буолар. Бу ньыманан биир оҕону кытта эбэтэр бөлөҕүнэн барыан сөп.
I түһүмэх– Хартыына туохтан турарын быһаарыы.
Бастакы оонньуу аата «Ким саамай болҕомтолоох эбитий» диэн ааттаах.
Туһаныллар тэрил: А4 кумааҕыны эргитэн трубочка-бинокль оҥостоллор.
Хас биирдии оҕо трубочканан көрөн биир предмети уочаратынан ааттыыр. Холобур, «Уһуйаҥҥа» хартыына. Бастакы оҕо: « Мин бу хартыынаҕа иитээччи көмөлөһөөччүтүн көрөбүн” ( уолу, кыыһы, олоппос, сибэкки уо.д.а.)
Бу оонньууга иитээччи уҥа-хаҥас, үөһээ-аллараа туох баарый диэн ыйытыктары туһанан сирдэтиэн сөп. Холобур, хартыына уҥа өттүгэр тугу көрөҕүн? Хартыына үөһээ туох баарый? Хаҥас өттүгэр кими көрөҕүн уо.д.а.
Иккис оонньуу «Хаартыскаҕа хатаа».
Бу оонньууга эрдэ бэлэмнэнии наада буолар. Хартыынаны чааска араарыы буолар. Бастаан оҕоҕо хартыына көрдөрөбүт, онтон тугу өйдөөн хаалбытын чааһынан ууран иһэбит. Холобур, 1.Света сибэккигэ уу кута сылдьар. 2.Ханна: Света түннүк аттыгар сибэккигэ уу кута сылдьар.
II түһүмэх- Хартыынаҕа предметтэр туох ситимнээхтэрин быһаарыы
Бастакы оонньуу: «Сыщиктар». Ого хартыынаҕа биир предмет эбэтэр көстүү бэйэ-бэйэтин кытта туох ситимнээҕин быһаарар. Холобур, Света сибэкки хатан өлбөтүн диэн уу кутар.
III түһүмэх- Хартыынаҕа предметтэри араас органнар көрүүлэринэн ойуулааһын
Бастакы оонньуу: «Биһиэхэ аптаах киһи кэлбит, билигин мин кулгаахпынан эрэ истэбин». Сыала: оҕо хартыынаны көрөн олорон тугу истиэн сөбүн толкуйдуур, оҥорон көрөр сатабылларын сайыннарыы. Оонньууну уларытан «Биһиэхэ аптаах киһи кэлбит, билигин мин муннубунан сыттыахпын эрэ сөп», эбэтэр «Биһиэхэ аптаах киһи кэлбит, билигин мин илиибинэн эрэ тыытабын», «Биьиэхэ аптаах киьи кэлбит, билигин мин амтаны эрэ билэбин» уо.д.а. Холобур, Света сибэккигэ уу кутан сылдьан ыллыыр эбит. Света сибэккигэ уу кута сылдьан түннүк нөҥүө чыычаах ыллыырын ситибит.
IV түһүмэх- Хартыынаны ситэрэн биэрии
Бастакы оонньуу: «Мин хартыынаны ситэрэн биэриэм этэ…». Бу оонньууга оҕо «Тоҕо?» диэн ыйытыкка эмиэ хоруйдуур. Тоҕо маннык ситэрэн биэрбитин быһааран биэрэр. Холобур, бу хартыынаҕа оҕолор оонньуурдарын хомуйан баран илиилэрин сууммуттара буолуо, тоҕо диэтэххэ ол кэнниттэн аһыыллар.
Маннык араас оонньуу нөҥүө хартыынанан үлэ олус учугэйдик барар. Оҕолор интэриэстэрэ сүппэт.