Физминутки на зимнюю тему

Катанова Елена Васильевна, воспитатель, МБОУ "Кыргыдайская СОШ имени Д. А. Гуляева", Республика Саха (Якутия), Вилюйский улус, с. Сатагай

Катанова Елена Васильевна, воспитатель, МБОУ “Кыргыдайская СОШ имени Д. А. Гуляева”, Республика Саха (Якутия), Вилюйский улус, с. Сатагай

Физминутки на зимнюю тему


Катанова Елена Васильевна,
воспитатель,
МБОУ “Кыргыдайская СОШ имени Д. А. Гуляева”,
Республика Саха (Якутия), Вилюйский улус, с. Сатагай


Тыаҕа көрсүһүү.

Тоҥуу хаары кэһэммит,                           (тобугу үөһэ көтөҕөн хаамыы)
Халыҥ тыаҕа кэллибит.
Хааман иһэн эмискэ                      
Арҕахха тубэстибит.
Иһиллээтибит, чуҥнаатыбыт,                (иһиллээбитэ буолаллар )
Олордубут, кэтэстибит.                           (чохчойон олороллор)
Эмискэ сааспыт кэллэ,                   
Күммүт күүскэ тыкта,                 (тарбахтарын саратан уөһэ далбаатыыллар)
Халыҥ хаары уулларда.                          (илиилэринэн долгун хамсаныыта)
Арҕахтан мэник эһэчээннэр
Быгыахтаһан таҕыстылар,                      (өҥөҥнөһөр хамсаныылар)
Даллаҥнаһан ыллылар,                           (даллаҥнаһыы)
Тэйиэккэлээн төкүнүстүлэр.                   (тэйиэккэлииллэр)
Суурэкэлэһэн эйэҥэлээтилэр,                 (сүүрэкэлииллэр)
Уҥа-хаҥас көрдүлэр,                                (уҥа-хаҥас чарапчыланаллар)
Түүлэрин тэбэннилэр                               (тэбэнии, үтүктүү)
Ойуур устун тэбиннилэр.                        (миэстэлэригэр сүүрэн кэлэллэр)


Кыһын кэһиилэрэ.

Кыһыммыт кэллэ биһиэхэ,                 (уҥа – хаҥас көрүөлээһин)
Кэһиилэрин тугу аҕалла?
Көмүс кыырпах хаардары,               (хаардары хабыалыыллар – үтуктүү)
Дьикти оһуор кырыаны,                   (оһуор ойуулаан көрдөрөллөр)
Халлаан толору сулустары,              (илиилэринэн даллаҥныыллар)
Сырдык ыйдаҥа түүннэри.                (илиини даллатан эргийэллэр)
Оҕолорго чэбдик салгыны                 (салгыны эҕирийэллэр)
Салаасканы, хайыһары,                      (хатыыскалааһыны үтүктэллэр)
Аптаах харыйаҕа уоттары!               
Тымныы оҕонньор кэһиилэрин!        (салгыҥҥа уруһуйдаан көрдөрөллөр).


Хаар киһи.

Хаар түстэ, хаар түстэ,                           (икки илиинэн далбаатаныы)
Тулабытын маҥхатта,                             (миэстэҕэ эргийии)
Оҕо – аймах муһунна,                             (дьиэрэҥкэйдээһин)
 Көрү – нары тарта.
Саҥа хаары төкүнүтэн,                          (төкүнүтэн көрдөрүү)
Хаар киһини оҥордулар.                       (салгыҥҥа ойуулаан көрдөрүү)
Харахтаатылар, муннулаатылар,     (харахтарын, муннуларын көрдөрөллөр)
Үөрбүт гына уостаатылар,                   (мичээрдииллэр, ырбайаллар)
Тоҥмотун диэн бэргэһэлээтилэр,        (бэргэһэ, үтүлүк кэтэн көрдөрүү)
Сылаас үтүлүктээтилэр.
Доҕордоох буоллун диэн                
Хаарчаана оҥорон бэлэхтээтилэр.       (тойон эрбэхтэрин чочотоллор)

Центр дистанционных мероприятий “Пора роста” – это цифровая образовательная экосистема, с большим набором сервисов для учителей, учеников и их родителей.