22 марта 2023 года в селе Сымах Мегино-Кангаласского улуса прошел улусный авторский семинар воспитателя, детского поэта, сценариста Марфы Прокопьевны Поповой – Мусьяны Сосиной “Мусьяна Сосина – Попова хоһооннорун уһуйаан оҕолорун иитиигэ-үөрэтиигэ туһаныы көрүҥнэрэ”. В семинаре приняли участие руководители, воспитатели, педагоги дошкольных образовательных учреждений Мегино-Кангаласского улуса.
Из выступления автора семинара Мусьяны Сосиной – Марфы Прокопьевны Поповой.
Мин бүгүҥҥү семинарбар 4 эйгэбин сэгэтэн кэпсиэҕим:
I. Хоһооннорум эйгэтэ
II. Ырыаларым эйгэтэ
III. Сценарист эйгэм
IV. Отоһут эйгэм
I. Хоһооннорум эйгэтэ
Мин XX, ХХI, XXII, XXIII эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарын кыттыылааҕабын. Бэйэм Мэҥэ-Хаҥалас улууһун «Таммахтар», Өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр суруйааччылар «Тыл кыһата» литературнай холбоһуктарын чилиэнэбин. Бастакы хоһооннорбун оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан суруйан саҕалаабытым, нууччалыы хоһооннору суруйар этим, “Юность Севера” хаһыакка бастакыбын 90-с сылларга бэчээттээбиттэрэ, онтон кыралаан бэчээттэнэн, “Таммахтар” литературнай холбоһукка киирэн аа дьуо суруйар буолан барбытым.
Бастакы оҕолорго хоһооннорбун 1995 сыллаахха ЯПУ-2 иитээччи үөрэҕин бүтэрэн баран саҕалаабытым, уонна күн бүгүнүгэр диэри илиибин араарбакка оҕолорго хоһооннору, остуоруйалары, иччилээх кэпсээннэри суруйабын.
1 кинигэм – 2010 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас үөрэҕин управлениятыгар, дошкольнай отдел салайааччытынан Ольга Ивановна Захарова үлэлиир кэмигэр, кини сүбэтинэн “Мин дьыссааппын таптыыбын” диэн маҥнайгы хоһооннорум хомуурунньуга бэчээттэнэн тахсыбыта.
2 кинигэм – 2015 сыллаахха Сыымахха Захаров Федор Федорович баһылыктаан олорор кэмигэр, олохтоох администрация үбүлээн “Сэттэ өҥнөөх кустугум” диэн кинигэм Майа типографиятыгар бэчээттэммитэ
3 кинигэм – 2018 сыллаахха бэчээттэммитэ. 2016 сыллаахха XX эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарын түмүгүнэн «Бичик» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыта. Онно Наталья Ивановна Харлампьева уонна Иван Васильевич Мигалкин иккиэн хоһооннорбун сэргээн, бэчээккэ мэктиэлээбиттэригэр мин олус диэн үөрбүтүм уонна долгуйбутум.
4 кинигэм – “Буукуба эйгэтэ” бу манна мин национальнай оскуолалары чинчийэр научнай институт директорын Светлана Степановна Семеновалыын букубаарга бэт айымньылаахтык үлэлэспитим, букубаар тиэкиһин уонна хоһооннорун суруйбутум. Бу кинигэ уратыта диэн аудио озвучкалаах, ону ПА Ойуунускай аатынан Саха театрын артыыската Татьяна Легантьева аахпыта.
5 кинигэм – «Пора Роста» диэн дистационнай үөрэхтээһин киинигэр «Оҕо саас сарыала» диэн бэһис кинигэм сааһыланан, бэчээттэнэн күн сирин көрдө.
Бу курдук мин абылаҥнаах айар эйгэм киэҥ түһүлгэтигэр аа-дьуо киирбитим. Мин хоһооннорум, кэпсээннэрим, остуоруйаларым “Юность Севера”, “Эркээйи”, «Бэлэм буол”, “Кэскил” хаһыаттарга уонна “Чуораанчык”, “Чолбон”, “Күрүлгэн” сурунаалларга бэчээттэммиттэрэ. Мин олус сөбүлээн үлэлэһэр сурунаалым «Чуораанчык» буолар, төрөппүттэргэ, биир идэлээхтэрбэр барыларыгар «Чуораанчыкка» суруйтаралларын сүбэлиибин, тоҕо диэтэргит иитээччи үлэтигэр олус туһалаах сурунаал быһыытынан билинэбин.
Хоһооннорбор бастакы куонкуруһу кулун тутар ый 2021 сыллаахха “Чуораанчык” сурунаал ыыппыта, манна үс автор буолан кыттыбыппыт Александра Матвеева (Попова)-Долгуура, Надежда Ильина уонна мин Мусьяна Сосина хоһооннорбутугар. Бу кэнниттэн Майатааҕы оҕо библиотекатыгар «Мин дьыссааппын таптыыбын” диэн бастакы Өрөспүүбүлүкэтээҕи авторскай куонкуруһум буолбута, манна 505 оҕо 22 улуустан кыттыыны ылбыттара. Билигин «Пора Роста» дистационнай үөрэхтээһин киинэ ыытар «Оҕо саас сарыала» диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи авторскай куонкуруһум буола турар, манна эмиэ үгүс иитээччи, оҕолор кыттыахтара диэн бүк эрэнэбин.
II. Ырыаларым эйгэтэ
Мин билиҥҥитэ үс дьыссаакка гимнаахпын, ол курдук:
- Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, Майа нэһилиэгин «Мичил» уһуйаан гимнэ – 2016 с.
- Анаабыр улууһун, Сааскылаах нэһилиэгин «Тугутчаан» уһуйаан гимнэ – 2018 с.
- Амма улууһун, Сулҕаччы нэһилиэгин «Чычып-Чаап» уһуйаан гимнэ – 2020 с.
Ону таһынан, хоһооннорбун ырыа гынан көтүппүт сөбүлээн үлэлиир мелодистардаахпын:
- Пермякова Матрена Витальевна
- Константинова Светлана Афанасьевна
- Ксенофонтова Галина Кимовна
- Макарова Надежда Семеновна
- Ильина-Романова Елена Николаевна Нам-Чы
III. Сценарист эйгэм. “Чохоон” ютуб каналыгар уонна “Мамонт” телеканалга 2022 сылтан ООО“МультиДиТек” тэрилтэ салайааччытын Тарабукина Таисья Викторовнаны кытары олус айымньылаахтык ис сүрэхпиттэн сөбүлээн үлэлэстим. Ол түмүгэр “Буукуба эйгэтэ” ойулуктар 6 серията уонна “Чээлэр-Чээкэлэр” 9 сериятыгар сценарист быһыытынан бэйэбин тургутан көрдүм. Мантан салгыы өссө даҕаны үлэлэһэр былааннаахпыт.
IV. Отоһут эйгэм. Бүгүн семинар иккис чааһыгар бу эйгэбин кыратык сэгэтэн кэпсиэҕим. «Алгыс от» отоһут уһуйааныгар үөрэммитим, учууталбыт Григорьев Семен Карлович. “Намасте” массаж курсугар илбийэргэ Афина Афанасьеваҕа үөрэммитим.
Талан ылбыт идэм уонна айар дьоҕурум биир ситимнээхтэригэр дьылҕабар махталым муҥура суох.
Семинар кэмигэр иитээччилэр Мусьяна Сосина хоhооннорун үлэлэригэр хайдах туhаналларын туhунан арыйан кэпсээтилэр.
- “Мусьяна Сосина хоһоонноругар авторскай ырыалар” – Чурапчы улууһа П.И.Борисов ааатынан «Улыбка» уьуйаан музыкальнай салайааччыта Пермякова М.В.
- “Мусьяна–Сосина «Чуораанчык» сурунаал үтүө доҕоро” – Матвеева С.А. «Чуораанчык» сурунаал сүрүн сэкиритээрэ
- “Мусьяна Сосина тохтобулга туттуллар хамсаныылаах хоһоонноро” – Корякина Л.К. Баатаратааҕы «Кэскил» оҕо уһуйаана
- “Мусьяна Сосина хоһооннорунан оҕо тылын сайыннарыыга мнемотехниканы туһаныы” – Хоробуттааҕы «Күнчээн» уһуйаанын иитээччилэрэ, Сосина Е.И., Тастыгина Д.Н.
- “Мусьяна Сосина хоһооннорун тарбаҕы эрчийиигэ туһаныы” – Бэдьимэ «Чуораанчык» оҕо уһуйаанын иитээччитэ. Варламова О.А.
- “Мусьяна Сосина сценарийдарынан ойулуктары, иитээччи үлэтигэр туттуу” – Мэлдьэхси «Хатыҥчаан»оҕо уһуйаана, иитээччи Степанова А.П.
Сборник стихотворений
“Оҕо саас сарыала“
Нашим центром “Пора роста” 20 марта был издан авторский сборник стихотворений Мусьяны Сосиной “Оҕо саас сарыала”.
По итогам дистанционного конкурса «Оҕо саас сарыала» в электронный и обновленный печатный вариант этого сборника войдут видео лучших чтецов.
Для отправки комментария необходимо войти на сайт.