Анал ааттар
Васильева Елена Николаевна,
учитель начальных классов,
МБОУ “Мэйикская ООШ”,
Республика Саха (Якутия), Верхневилюйский улус, с. Сайылык
Сыала: анал ааты улахан буукубаттан суруллуутун хатылааћын.
Соруктара: анал ааты сопко суруйууну ойдетуу.
Сайыннарыы: о5олор толкуйдуур, санарар дьоБурдарын сайыннарыы. Тутуллар тэриллэр: ИКТ, карточкалар, Yohээ Булуу улуућун каартатын макета, сотовай телефон, сурук улэтигэр аналлаах бэлэм лиистэр, И.Н.Барахов портрета.
Учуутал; – Утуе кунунэн, оБолоор! Бугун эьиэхэ саха тылын уруогун Yohээ Булуу улуућун Мэйик нэьилиэгиттэн алын кылаас учуутала Елена Николаевна ыыта кэллим. Уруокпут тематыгар киириэхпит иннинэ:
– Бићити уруокка теће бэлэммитий?
-Уерэнээччи паарта5а хайдах олоруохтаа5ый? Суруйарга уруучука5ыт барыгытыгар баар дуо?
-Сотовай телефоннаргыт бэлэмнэр?
Бугунну уруокка элбэБи улэлиэхпит, онон бол5омтолоох буоларгытыгар ынырабын.
Учуутал: – Бугунну уруокпутун тиэмэтин бићиги кроссворд таайан билиэхпит. Бары экраны коробут.
Слайд 1.
-Олорор нэћилйэќкит аата? Улуустан чугас сытар нэьилиэк аата? (Нам). Харбалаахтан чугас сытар урэх аата? (Чыбыыда) Орус унуор турар нэћилиэк аата? (Дуллуку). Хомус диэц тылтан тахсар нэћилиэк аата? (Хомустаах) Эhнги-нэhилиэги кыгта-ыаллыы сытар нэћилиэк аата? (Тамалакаан). Чап уустара ханнык нэћилиэккэ баарый? (Кэнтик)
-Дьэ эрэ, оБолоор, аађыађын эрэ, туох диэн тыл саћа сылдьар эбитий? (Анал аат).
– Ол аата бу уруокка бићиги тугу гыныахпытый? (Анал аат диэн тугун билэбит).
– Анал аат уонна уопсай аат диэн туох уратылаахтарый? (Оголор эппиэттэрэ).
– Анал аатынан ааттаналлар киьи аата. Кыыллар, улуустар, нэьилиэктэр о.д.а. – Анал аат улахан буукубатан суруллар.
– О5олоор, бићиги хайа омукпутуй? (Сахаларбыт)
– Бу ус биллиилээх дьоннор портреттары коруо5н эрэ. Мантан Саха биллиилээх кићитин булабыт. (Исидор Никифорович Барахов)
Слайд 2.
– Маладьыастар. Исидор Никифорович Саха сирин саамай ыарахан кэмигэр норуотун тућугар хорсуннук туруулаћан Саха Республикатын тэрийсибит, саханы саха дэппит уонна сахалартан бастакыннан Саха AССР .Правительствотын салайбыт кићибит буолар. (бэлэм онољуллубут улэ лиићигэр буочарга_улэ. Исидор Никифорович Барахов диэн суруйаллар).
Слайд 3
-Исидор Бараахап агатын аата ким диэний? Мин эhиэхэ ийэтин да агатын да аатын эттим. Исидор агата Никифор диэн буоларын хантан биллигит? (Никифорович диэн агатын аата).
– Бићиги олорор улууспут аата ким диэний? (Yohээ Булуу).
-Билигин оонньуу таарыйа Yohээ Булуу улууhун каартатын дьаарыстаан ууруохпут. Бу оонньууга паараннан оонньуубуг. Хайа паара тургэнник. каартаны дьарыстыы охсор эбитий. (оголор каартаны дьаарыстыыллар)
Дьээрэ , аны ити каартаттан олорбут нэьилиэгин аатын була охсуоххайын. Маладьыастар. (Харбалаах диэн тылы кыраћыабай буочарынан лиискэ суруйаллар).
– Yohээ Булуу улуућугар хас нэћилиэк баарын билэргит буолаарай? Yohээ Булуу улуућугар 21 нэhилиэк баар. Нэhилиэктэр ааттара хайдах буукубаттан суруллалларый? (улахан буукубаттан)
– Сынньана таарыйа харахтарбытыгар эрчиллиилэри оноруоБун эрэ. (физминутка) – Аны хамсана таарыйа икки хамаандађа арахса охсобут. Мин Эhиэхэ ыhыллан хаалбыгт ос хоhооннорун биэрэбин. Хайа хамаанда тургэнник сааћылыы охсор эбитий? (ос хоhооннорун сааћлыыллар)
– Мин бу ос хоhооннорун мээнэђэ таайтарбатым. Бу 2023 сыл Саха Сиригэр улэ сыла биллэриллибитэ. (ос хоhооннору ырытыћыы)
слайл 4-5. – Бугун уруокка тугу билбиппитин-корбуптутун чинэтээри уонна телефону соптоохтук тутта уорэнэ таарыйа лиискэ баар штрих-кодунан киирэн кыракый тест толоруохпут. (ОБолор телефонунан улэлииллэр): – Бугунну уруокпутугар хайдах улэлээтибит дии санаатыгыт?
– Анал ааты билэр бићиги олохпутугар туохха нааданый?
– Бу уруокка саамай интэриэћинэй улэ ханнык дии санаатыгыт?
– Паарталаргытытгар сытар смайликтарынан уруокка ким хайдах улэлээбитин талан кордорун эрэ.
– Малальыастар. Бу уруокка наhаа кохтоохтук улэлээтигит, Корсуоххэ диэри!