Аҕа дойду сэриитэ уонна мин учуутал аймахтарым
Малышева Инна Валерьевна,
учитель начальных классов,
МБОУ “Бясь-Кюельская начальная школа-детский сад”,
Республика Саха (Якутия), Олекминский район, с. Бясь-Кюель
Киириитэ
Сэрии!…Сэрии диэн тыл хас биирдии киһи өйүгэр-санаатыгар ыараханнык иһиллэр. 1941 сыллаахха Фашисткай Германия биһиги дойдубутугар сэриинэн саба туһэн дьоммут олохторун алдьатан-айгыраан барбыта. Советскай Союз дьоно биир түмсүүлээх санаалаах буолан фашистары 1945 сыл ыам ыйын 9 кунугэр кыайбыттара.
Аҕа дойду чиэһин көмүскүү норуот бүттүүн туруммут. Ол аата байыаннайдар, фроҥҥа ыҥырыллыбыт аҕалар, убайдар эрэ буолбакка, колхозтарга, заводтарга, фабрикаларга, оскуолаларга ханна барытыгар хаалбыт кырдьаҕастыын, оҕолуун, дьахтардыын бары өстөөҕү утары Кыайыы туһугар өрө турбуттар. Ол иһин бу сэрии Аҕа дойду сэриитэ диэн ааттаммыт.
Тыылга хаалбыт куорат олохтоохторо (оҕолор, дьахталлар) сэрии сэбин-сэбиргэлин, ол курдук снарядтары, таҥкалары оҥорбуттар. Тыа сиригэр хаалбыттар бултаан-алтаан, үлэлээн-хамсаан харчынан көмөлөспүттэр. «Барыта фроҥҥа! Барыта Кыайыы туһугар!», -диэн девизтээх этилэр.
Оскуолалар сабыллан хаалбаккалар, кыайыы, дойдуларын инники кэскилин туЬугар улэлии – хамсыы турбуттар. Учууталлар тиийбэт буоланнар оскуола5а уерэммит дьону ускореннай курска уерэтэлээн баран учууталлата ыыталаабыттар. Ол курдук сэрии кэмигэр Малышев Георгий Махайлович уонна кини кэргэнэ Дьяконова Мавра Федоровна сэрии буолла диэн толлон турбакка анаммыт оскуолаларыгар кэлэн бэриниилээхтик улэлээбиттэр.
Малышев Георгий Михайлович мин эЬэм Малышев Михаил Васильевич бииргэ тереебут убайа буолар. Кини туЬунан эЬэм кэпсээнинэн эрэ билэбин. Онон учуутал аймахтарым уоттаах сэрии бириэмэтигэр хайдах улэлээн – хамсаан олорбуттарын сиЬилии билэр сыалтан бу теманы таллым.
Улэм сыала: Сэрии бириэмэтигэр улэлээн ааспыт учуутал аймахтарым олохторун, улэлэрин туЬунан уэрэтии, сырдатыы;
Улэм соруктара:
- А5а дойду сэриитин туЬунан кинигэттэн, куйаар ситимиттэн уерэтии;
- Cэрии са5ана оскуола5а улэлээбит учууталлар аймахтарым тустарынан матырыйаал хомуйуу;
- Учууталларбыт сырдык ааттарын уйэтитии;
- Хомуллубут матырыйаалы Бэс-Куелун оскуолатын краеведческай муннугар уонна нэЬилиэк бибилэтиэкэтигэр туттарыы.
Саба5алаан керуу: сэрии бириэмэтигэр улэлээбит учууталлар олохторун, улэлэрин туЬунан билиэххэ сеп, ескетун оскуола музейыттан ахтыылары аахтахха, а5ам саастаах дьонтон ыйыталастахха, кинигэттэн уонна хаЬыаттан уерэттэххэ.
А5а дойду Улуу сэриитэ
1941 сыл бэс ыйын 22 кунугэр сарсыарда 4 чааска фашисткай Германия Советскай Союзка саба туспутэ. Бу кун ыраас халлаацца эмискэ этин эппитинии, куутуллубэтэх алдьархай биьиги дойдубутугар ааннаабыта. Суостаах-суодамаах “сэрии”‘диэн тылтан хас биирдии киьи оло5о, дойдубут дьыл5ата быьаарыллар, ыарахан кэмнэрэ буруукээбиттэрэ.
Ийэ дойду кемускэлигэр тереебут дойдуларын харыстыыр ытык иэстэрин толоро, биьиги биир дойдулаахтарбыт алаас-алаас аайыттан ынырыллан, ыныыр аттарын миинэн, кэргэттэрин, аймахтарын, о5олорун кытта быраhаайдаhан, кый ыраах илин-арҕаа елер-тиллэр охсуhууга, хабыр хапсыhыыга аттаммыттара.
Саха сириттэн А5а дойду Улуу сэриитигэр 62.509 киһи кыттыыны ылбыта, онтон 26.129 киһи кыргыһыы толоонугар өлбүттэр уонна сура5а суох сүппүттэр, 22.767 буойун төрөөбүт дойдуларыгар эргиллибиттэр. 13 тыһыынчаттан тахса киһи дьыл5ата бу күңңэ диэри биллибэт.
Улуу сэриигэ Бэс-Куелуттэн
1941 с.- 26 киЬи,
1942 с.- 9 киЬи ынырыллан уотаах сэриигэ барбыттар.
35 киЬиттэн 12 эрэ киЬи теннен кэлбиттэр.
А5а дойду сэриитин унньуктаах туерт сыла саха норуотугар алдьархайынан ааннаабыта. Дьон саамай чулуута, кыайыылаах – хотуулаах етте, эдэрэ, чэгиэнэ сэриигэ ынырыллыбыта. Угустэрэ кыргыЬыы хонуутугар охтубуттара.
Бу ынырык сэрии ыам ыйын 9 кунугэр 1945 сыллаахха кыайыынан тумуктэммитэ. Ол иЬин ыам ыйын 9 кунэ Улуу кыайыы бырааЬынньыга диэн ааттанар. Бу куну сыл ахсын сир – дойду бэлиэтиир
Малышев Георгий Михайлович бэйэтин дневнигыттан, Токо, 1982 с
Мин эЬэм убайа Георгий Михайлович 1918 сыллаахха олунньу ыйын 19 кунугэр Атырдьахха тереебут. Бииргэ тереебуттэр алталар, кини ыал иккис о5ото эбит. Бэс – Куелгэ маннайгы алын оскуола 1924 сыллаахха аЬыллыбыт. Георгий Михайлович маннайгы кылааска куЬун 1926 сыллаахха киирбит уонна 1930 сыллаахха алын оскуоланы уерэнэн бутэрбит. Салгыы уерэнэр кыа5а суох буолан ус сыл илии – атах буолан дьонугар кемелеЬен олорбут. Онтон 1934 сыллаахха Дьокуускай куоракка баран Марха орто оскуолатыгар бэЬис кылааска уерэнэ киирэр. Кэлэр сыл Дьокуускай куорат тердус нуемэрдээх оскуолатыгар алтыс кылааска киирэн уерэ5ин салгыыр уонна 1937 сыллаахха оскуоланы бутэрэр.
Оскуоланы бутэрээт тута Дьокуускайдаа5ы дорожно – строительнай техникумна, строительнай отделения5а туттарсан киирэн устудьуоннаан барар. Ус сыл уерэнэн баран учуутал буолар ба5атыттан техникумун быра5ан 1940 сыллаахха учууталлар институттарыгар историческай факультекка уерэнэ киирэр.
Сэрии са5аламмыт сылыгар 1941 сыллаахха куЬун оскуолаларга учуутал тиийбэт буолан кэтэхтэн уерэхтээЬиннэ кеЬереллер уонна 2 Неруктээйигэ история, математика, черчение учууталынан ыыталлар. Уерэнэр ба5ата куустээх буолан улэтин уерэ5ин бииргэ дьуерэлээн 1944 сыллаахха институтун бутэрэн дипломун ылар. Бу сыл тута Токо оройуонун Уолбут орто оскуолатыгар улэлэтэ ыыталлар. 1952 сыллаахха дылы история, география учууталынан, завуЬунан, дириэктэринэн бэриниилээхтик улэлээбит.
1961 сыллаахтан са5алаан Олуехумэ оройуонун Хоро нэЬилиэгин а5ыс кылаастаах оскуолатыгар улэлээбит. Онтон 1963 сыллаахха Токо оскуолатыгар кэлэн учууталынан улэлиир. 1964 сыллаахха учууталтан завуч улэтигэр кеЬереннер биэс сыл улэлиир. Онтон 1969 сыллаахха топтору учууталга улэтигэр кеЬер.
Георгий Михайлович улэтин сыаналаан Олуехумэ оройуона, Минпрос ЯАССР, Минпрос РСФСР Бочуоттаах суругунан на5араадалыыллар. Ону таЬынан сэрии бириэмэтигэр бэриниилээхтик улэлээбитин бэлиэтээн мэдээллэринэн на5араадалаабыттар:
- “За доблестный труд в ВОВ 1941-1945гг”,
- “За трудовое отличие “,
- “За доблестный труд в ознаменование 100-летия со дня рождения В.И.Ленина”
1963 сыллаахха сайын Токо оскуолатын уерэнээччилэрин мунньан бастакы археологическай экспедицияны тэрийбит. Онтон 1963 сыллаахха куЬун Токотооҕу оскуола иЬинэн краеведческай музей аспыт.
Георгий Михайлович Малышевтар педагогическай династиятын са5алаабыт киЬи буолар. Ол курдук кини кыргыттара Малышева Вера Георгиевна Токо оскуолатыгар психолог, Мологурова (Малышева) Надежда Георгиевна нуучча тылын учуутала. Георгий Михайлович сурдьулара Малышева Валентина Васильевна, Малышева Софья Васильевна, Павлова (Малышева) Альбина Васильевна Токо оскуолатыгар учууталлыыллар, бары педагогическай улэ бэтэрээннэрэ.
Малышевтар педагогическай династияларын эдэр келуенэрэ Ореспуубулукэ араас оскуолаларыгар ситиЬиилээхтик улэлии-хамсыы сылдьаллар.
Дьяконова Мавра Федоровна туЬунан
кыыЬа Надежда Георгиевна ахтыытыттан
«Улэттэн дьоллонуу ити буолуо», Токо, 2017 с.
Биьиги дойдубутугар уерэх, билии аана кимиэхэ барытыгар аЬа5ас. Уерэнэн, киэн, дирин билиилээх дьон буолан, тереебут дойдубутугар туьалаах дьон буолан тахсыахтаахпыт.
Ийэлэрбит, а5аларбыт, учууталлар, ученайдар, геройдар, космонавтар – бары бастаан оскуола5а уерэммиттэрэ. «Буукубаар» диэн кинигэни уерэ, долгуйа илиилэригэр ылбыттара. А-тан, Б-тан са5алаан, аа5ар, суруйар буолбуттара. Онно бастакы олук уурааччы – учуутал.
Кун – дьыл, олох устан ааьан иьэр. Сорох дьон норуот иннигэр онорбут утуелэрэ биллэн – кестен, улахан биьирэбили, махталы ылбыта. Ер сылларга энкилэ суох уерэх эйгэтигэр улэлээбит, биьиги биир дойдулаахпыт, Молботтон теруттээх туйгун учуутал, утуе субэьит Мавра Федоровна Дьяконова аата улахан убаастабылы ылар.
Мавра Федоровна Дьяконова олунньу ыйын 10 кунугэр 1924 сыллаахха Молбо5о тереебут. Ыал улахан о5ото буолан балтын, быраатын кере – харайа, кинилэр тустарыгар эппиэтинэстээх курдук буола улааппыт. Ийэтэ, а5ата сарсыардаттан киэЬэ харанарыар диэри колхозка улэлииллэрэ.
Мавра Федоровна 1941 сыллаахха А5а дойду сэриитэ са5аланыытыгар уон сэттэ саастаах кыысчаан Олуехумэ куоратыгар Яковлев аатынан оскуола5а сэттис кылааЬы бутэрбит. Мавра Федоровнаны уерэхтээх диэн Куду – Куелгэ сэбиэт сэкирэтээрин эбээЬинэЬин толорооччутунан аныыллар. Кини онно 1944 сылга диэри улэлиир. Ити сыл Мавра Федоровнаны Дьокуускайга учууталлар куурустарыгар уерэттэрэ ыыппыттара. Онно уерэтэн баран Бэс – Куел оскуолатыгар алын кылаас учууталынан анаан ыыппыттара. Мавра Федоровна оскуола эйгэтигэр о5олору суруйарга, аа5арга уерэппитинэн барар.
Мавра Федоровна Бэс – Куел, Уолбут, Токо оскуолатыгар 1953 сыллаахха дылы улэлээбит. Кини учугэй улэтин туоЬулаан уерэппит о5ото Местников (аатын умнубуппун) Саха сирин Доруобуйатын харыстабылын министра буолан баран учууталыгар Мавра Федоровна5а махтал тылын этээри ааттаан – суоллаан Токо5о кэлэн керсен, кэпсэтэн барбыт. Улэттэн дьоллонуу ити буолуо.
СССР Верховнай Советын президиума Мавра Федоровна сэрии бириэмэтигэр улэтин сыаналаан «За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-1945гг» мэтээлинэн 1946 сыллаахха на5араадалаабыт. Икки юбилейнай, «Ветеран труда» мэтээллэрэ, «Ветеран тыла», «Ветеран Великой Отечественной войны 1941-1945гг» знактара Мавра Федоровна утуе суобастаахтык улэлээн, олорон ааспыт туоЬута буолар.
Түмүк
Мавра Федоровна уонна Георгий Михайлович аал уоту оттунан, алаьа дьиэни тэринэн, 3 о5ону теретен, иитэн, уерэттэрэн, ыал онортоон элбэх сиэн, хос сиэн амарах эьэтэ, эбэтэ буолан улэттэн дьолломмут дьоьун мааны утуе ыал аатын ылыахтарын ылаллар.
Биллэн турар, биЬиги талбыт тиэмэбит эдэр ыччакка, Бэс-Куел, Уолбут, Токо олохтоохторугар актуальнай. То5о диэтэххэ норуот бэйэтин ааспыт историятыгар олук уурбут ча5ылхай дьонун ытыктыахтаах, кинилэр ааттарын келуенэттэн келуенэ5э тириэрдэ туруохтаах. Биьиги кинилэри холобур оностон киэн, дирин билиилээх дьон буолан тахсыахтаахпыт.
Уйэттэн уйэ саас тухары махталынан ейдуу – саныы сылдьарбыт билинни уонна кэлэр келуенэлэр ытык иэспит.
Маннык учууталлары дьон – сэргэ хаьан да умнубат, кинилэр уерэнээччилэрэ, бииргэ улэлээбит дьонноро, до5отторо, аймахтара еруу истинник саныы, сурэхтэригэр илдьэ сылдьыахтара диэн эрэнэбит.
1418 күннээх – түүн тохтообокко барбыт уодаһыннаах сэрии сыллара норуоту барытын аймаабыта. Бу ынырыктаах кыргыһыыга өстөөҕү утары кырдьаҕастыын – эдэрдиин, оҕолуун – уруулуун бары туруммуттара. Партия, правительство «Тугу барытын – фронҥа» диэн лозуннара дуораһыйара. Ол курдук учуутал аймахтарым сэрии ыар сылларыгар фронҥа көмөлөрүн, ылыммыт дьаһалларын, үлэлэрин туһунан бэрт элбэҕи аахтым, үөрэттим,
Мин Мавра Федоровна, Георгий Михайлович курдук утуе улэЬит, тулуурдаах аймахтардаахпыттан киэн туттабын. Бу суруйбут улэбин ситэрэн – хоторон эдэр келуенэбит учууталларын туЬунан улэбэр киллэрэн биэрэр сыаллаахпын.
Туттуллубут литература
- Малышев Г.М. бэйэтин дневнига.
- Малышев Г.М. аймахтарын ахтыылара.
- Малышевтар дьиэ кэргэттэрин теруччутэ.
- Интернет ситимэ.
- «Олох салҕанар», 2015 Дьокуускай, Бандерова Е.В