Саха литературатын уруогун технологическай каартата.
Күнэ-дьыла: Олунньу 25 күнэ
Кылаас: 10
Учуутал: Попова Надежда Михайловна, П.Х.Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала.
Уруок темата: “Былатыан Ойуунускай – өйүнэн өлбөт буолуу өрөгөйө»
Уруок көрүҥэ: Хатылааһын, билиини чиҥэтии
Уруок ньымата: Оонньуу уруок.
Сыала:
Үөрэтэр: өйү сытыылааһын, уопсай билиини тургутуу, бэйэ билиитин бэрэбиэркэлэнии.
Сайыннарар: Толкуйдуур, ырытар дьоҕуру сайыннарыы.
Санааны, бэйэ толкуйун сатаан сааһылаан этэр үөрүйэҕин сайыннарыы.
Иитэр: Бөлөххө алтыһан көдьүүстээхтик үлэлиирин ситиһии
Төрөөбүт литератураҕа, суруйааччыга ытыктабыллаах сыһыаны иитии.
Үөрэх дэгиттэр үөрүйэхтэрэ (УУД)
Билэр-көрөр (познавательнай): Билиитин сааһыланар, тургутунар.
Бэйэни салайынар-дьаһанар (регулятивнай):
Үөрэнэр соругу туруорар, билиини чинэтии ньымаларын туһанан соругу быһаарар, бэйэни хонтуруолланар уонна сөптөөх көннөрүнүүнү оҥорор.
Бодоруһар (коммуникативнай):
Бөлөҕүнэн дьарыкка биир интэриэстээхтик үлэлиир дьоҕуру сайыннарар.
Тус санааны, сыһыаны сайыннарар (личностный):
Төрөөбүт литератураҕа, суруйааччыга тапталы, ытыктабылы иитии. Бэйэтин билиитин тургутунан көрөр, сыаналанар.
Уруок тэрилэ: проектор, ноутбук, А4 кумааҕы, уруучука, смайлик бэлиэлэр.
Уруок хаамыыта:
|
Уруок түһүмэҕэ |
Учуутал дьайыыта |
Үөрэнээччи үлэтэ |
Үлэ көрүҥэ |
Үөрэх дэгиттэр дьайыылара |
Түмүк |
|
1 түһүмэх. Үлэлиир турукка киллэрии. 2. Соругу туруоруу 3. билиини чопчулааһын 4. түмүк таһаарыы. 5. сыаналаныы. |
Үтүө күнүнэн! Оҕолоор бүгүн биьиэхэ билиини чиҥэтэр, бэйэни тургутунан көрөр уруок Бүгүҥҥү уруокка сэргэхтик, иннэн-толлон олорбокко аһаҕастык кэпсэтэн, билиибитин тургутунарга ыҥырабын. 1 слайд. 2 слайд. Толкуйдаа, оонньоо кыай. Хайдах оонньуу этэй. Ким билэрий. НВК каналыгар көстөөччү. ТОК оонньуу көмөтүнэн билиибитин хатылыыбыт, чинэтэбит. Күрэххэ киириэхпит иннинэ. Хамаандаларбытын кытары билсэбит, хамаандыырдарга тыл барар. Бүгүҥҥү оонньуубут хаамыытын кэтээн көрүөҕэ __________________ Оонньуубутугар киирэбит. 1 түһүмэх. 1 ыйытыытын болҕойобут. Мүнүүтэ аҥаара толкуйдуубут, бэйэ-бэйбитин кытары ырытыһан сөптөөх эппиэти тобулабыт. (3 слайд. 4-27 слайдалар) Эппиэти толору биэрэбит. Бэйэ санааҕытын толору этэн. Эппиэти ситэрэн биэриэххитин сөп. Оҕолор эппиэттээбиттэрин кэннэ, кылгас ырытыыларга, сэһэргэһиигэ тохтуохха сөп. 2 түһүмэх. Айар үлэ үөһүгэр 3 түһүмэх. Хамандыырдарга. Ойуунускайы кэриэстээн. «… Биһиги өссө үүнэн-сайдан истэхпит аайы, кини геройдуу олоҕун кэрэ айымньытын өйдүүрбүт, ытыктыырбыт, таптыырбыт онтон үөрэнэрбит-иитиллэрбит өссө ордук дириҥээн иһиэҕэ.” Күннүк Уурастыырап Тылларынан бүгүҥҥү оонньуу түһүмэхтэрин түмүктүүбүт. (Ыалдьыттары кытары оонньуу.) Түмүк тахсыар диэри. Араас ыйытыылар. Оонньуу хаамыытын кэтээн көрбүт эксперт учуутал тылын истии. Кыайбыт хамаанданы эҕэрдэлээһин. Сыана туруоруу. Үс өҥнөөх смайликтары түҥэтэр. Бу смайликтар бүгүҥҥү уруокка оҕолор бэйэлэрин туруктарын сыаналанарга аналлаахтар.
Улуу киһибит Былатыан Ойуунускай чаҕылхай олоҕо биһиэхэ куруутун сырдык сулус буола турдун. Бүгүҥҥү оонньуу уруокка бэйэбит билиибитин тургутунан көрөн кырдьык даҕаны кини туһунан элбэҕи биллибит диэн түмүк оҥостуохха. Уонна БЫРАСТЫЫ Хомойо-куруйа саныахпын, Былатыан убайбыт хаалларбыт айымньылара кырдьык да өлбөт-сүппэт үйэлээхтэр. Ханнык баҕар кэмҥэ тоҕоостооохтор (актуальнайдар) |
Үтүө күнүнэн! Эппиэттииллэр. Улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай тереебүтэ 125 сылыгар аналлаах аһаҕас уруок. Саха сэбиэскэй литэрэтиирэтин төрүттээччи. Учууталы болҕойон истэллэр. Хоһоону истэн уруок эйгэтигэр киирэллэр. (эрдэ хамаандаҕа арахсан бөлөҕүнэн олороллор, хамандыырдарын, хамаанда аатын талынан бэлэмнэр) Учууталы болҕойон истэллэр. 1 слайданы көрөллөр. Учууталы болҕойон истэллэр. Сааһыланаллар. Хамандыырдар хамаандаларын аатын конна биирдиилээн кыттааччылар ааттарын билсиһиннэрэллэр. Слайданы көрөллөр. Мүнүүтэ аҥаара толкуйдууллар. Сөптөөх эппиэтин билэр хамаанда илиитин уунан эппиэттиир. Сыыһа буоллаҕына иккис хамаандаҕа хоруйдуурга быраап бэриллэр. Учууталы истэн ырытыһан, сэһэргэһэн эппиэти ситэрэн хоторон биэриэхтэрин сөп. Түмүгү истэллэр. Санааларын этэллэр. Смайликтары ыланнар бэйэлэрин сыаналаналлар. Санааларын үллэстэллэр. |
Уопсай Уопсай бөлөҕүнэн Бөлөҕүнэн. Бөлөҕүнэн. Биирдиилээн. Бөлөҕүнэн Биирдиилээн. Биирдиилээн. |
Бодоруһар сатабыл (К) -бииргэ үлэлииргэ үөрүйэх, үөрэнэр турукка киирии Билэр-көрөр (п): Билиитин сааһыланар. Үөрэх дьарыгар интэриэс үөскээһинэ. Билэр-көрөр (п) Билиитин сааһылаан этэр, алҕаһын көннөрүнэр Үлэ түмүгүнэн бэйэни хонтуруоллааһын (р). Бэйэ санаатын этии (к). |
Бэйэ санаатын этэр. Үөрэнэр соругу туруорунар Билиитин чопчулуур. Түмүк оҥостуу. |
“Былатыан Ойуунускай – өйүнэн өлбөт буолуу өрөгөйө»
«ТОК» интеллектуальнай оонньуу уруок
I түһүмэх.
- Бу кимий? Аата? (Ийэтэ, Евдокия Ивановна)
- А5атын аата? (Алексей Петрович Слепцов, Хоочугур Өлөксөй)
- Былатыан күн сирин көрбүт алааһын аата? (Дэлбэрийбит, онтон дьонун сайылыктара Тохтобулга баара).
- Ойуунускай төрөөбүт нэһилиэгин аата? (III-c Дьохсоҕон)
- Хас саастааҕар оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэй? (14 саастааҕар)
- Хас сааһыттан ыллыыр, олоҥхолуур идэлэммитий? (8-9с)
- Таатта5а хас сыл үөрэнэрий? (4сыл)
- Дьокуускайга үөрэнэ киирэригэр кимнээх көмөлөспүттэрэй? (А.Е.Кулаковскай убайа Алексей Елисеевич Кулаковскай – Оонньуулаах Уйбаан уонна кини нэ7илиэгин дьоно)
- Үөрэнэ сылдьан кимниин билсибитэй? (Н.Д.Неустроев, М.К.Аммосов)
- Учуутал семинариятын хас сыллаахха бүтэрбитий? (1917c)
- Ол кэнниттэн ханна үөрэнэ бара сатаабытай? То5о кыайтарбата5ай? (Москва5а, аара бааржа5а малын-салын, туох баар харчытын уордарбыта).
- Үөрэҕин ыарахан кэмнэрин туһунан Ойуунускай кэлин ханнык кэпсээнигэр суруйбутай? («Оҕо куйуурдуу турара» )
II түһүмэх.
- Ойуунускай айар үлэтин хас саастааҕар саҕалаабытай? (24с)
- Бастакы айымньыта? (“Үлэһит ырыата» 1917с)
- “Син-биир буолбаат” хоһоонун кимиэхэ анаабытай? (До5оругар М.К.Аммосовка
- Бастакы псевдонима ким диэний? ( Таатта оҕото )
- “Үөрэнэн үрүҥ күн сырдыгын көрөргө бу үтэ (ыһык ас) булаары турабын, эбэккэм, өрүһүй, үтэлээ!”. “Хамначчыт – дьадаҥы буойуна буолаары, хара – тыын былдьаһан, оҕо куйуурдуу турара”. Бу ханнык айымньыттан быһа тардыыный? (О5о куйуурдуу турара»)
- Бу ханнык айымньыттан уонна ханнык дьоруойу ойуулуур тылларый?
“Ытаатахпына – ынчыктаатахпына ыалдьыбыт диэхтэрэ, күллэхпинэ үөрдэхпинэ иирбит диэхтэрэ. Бөлүһүөк буолар диэн кытаанах эбит – бары ______________ диэн элэк – дьаалы гыналлар ” (Иирбит Ньукуус” 1923)
- Гражданскай сэрии уота күүдэпчилэнэ турдаҕына айыллыбыт хоһооно ханныгый? (“Көҥүл ырыата» 1922с)
- “Кыһыл ойуун” айымньы жанра? (Драматическай поэма. Автор Олоҥхо-тойук диэн быьаарбыт)
- Гражданскай сэрии са5анаа5ы историческай чахчыга оло5уран суруллубут хоһооно ханныгый? (“Өрүөл кэриэһэ» 1929с. Сэтинньи 7 кунэ. Хоро. Историческай чахчыта 1923 сыл олунньу ыйыгар Аммаҕа солобуодатыттан чугас Саһыл-Сыһыы диэн дьоҕус алааска 300 киһиэхэ тиийбэт ахсааннаах кыһыл этэрээтэ, командир И.Я.Строд төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэн хоодуоттук кыргыспыттара буолар.)
- Саамай улахан үлэтэ – Олонхо буолар. Ханнык олоҥхолору суруйбутай? (Дьулуруйар Ньургун Боотур», Тунал5аннаах Ньуурдаах Туйаарыма Куо»)
III түһүмэх.
Хамандыырдар күрэхтэрэ.
- Бииргэ төрөөбүттэрэ хаһыаларый? (10)
- Суруйааччы «Кыһыл ойуунун» ханна олорон саҕалаабытай? (1917-1925 Томскайга Казанка5а)
- «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо хас олоҥхоттон таҥыллан оҥоһуллубутай? ( )
- М.К.Аммосовка анаабыт хоһоонун аата? (Син-биир буолбаат»)
- «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону ким тылбаастаабытай? (В.Державин)
- «Улуу Кудаҥса» айымньы ханнык жанрга киирэрий? (Филосовскай сэһэн)
- «Иирбит «Ньукуус» кэпсээн сүрүн геройун прототиба? (Николай Михайлович Попов, 1855 сыллаахха Мэҥэ улууьугар тереебут, саха бөлүһүөгэ)
- А.С.Пушкин айымньыларыттан ханныктарын сахалыы тылбаастаабытай? (Борис Годунов, Пророк, Былыт,…)
- Ханнык күөлгэ оҕо куйуурдуу турбутай? (Халамнаайы)
- Суруйааччы дьиҥнээх араспааньата ? (Слепцов)
Экспертарга ыйытыктар:
- «Кыһыл ойуун» айымньы бастакы аата («Добун Ойуун)
- Саха академическай драматическай театрыгар хас сыллаахха П.А.Ойуунускай аата иҥэриллибитэй? (1934 эбэтэр 1990)
- ЮНЕСКО биллэриитинэн Ойуунускай сыла хаһан буолан ааспытай? (1993с. 100 сылыгар)
- П.А.Ойуунускай сахалартан бастакы ученай. Наука ханнык салаатыгар? (Тыл, лингвистика)
- “Хоочугур уола Былатыан” поэма автора кимий? (Сардана Ойунская)
- П.А.Ойуунускай 1929 – 1930 сс. ылына сылдьыбыт псевдонима? (Таатта оҕото Таатык Бэргэн)
- «Сүрэх» кэпсээн суруллубут кэмэ? (1927. Гражд сэрии.)
- П.А.Ойуунускай литература5а үктэммит бастакы айымньыта? (Үлэһит ырыата. 1917с)
- 1911 с. П. Ойуунускай Н. Неустроевтыын кистэлэҥ литературнай бөлөх тэрийбиттэрэ уонна илиинэн суруйан сурунаал таһаараллара. Ол сурунаал аата? (Юность)